Кыыс оҕо барахсан бу орто дойдуга хараҕы сымнатар кэрэ дьүһүннээх, кулгааҕы манньытар лыҥкынас куоластаах, нарын-намчы майгылаах айыллан кэлэр. Кини кэнэҕэскитин Ийэ буолар, норуоту салҕыыр, үйэтитэр аналлаах.
Биһиги учууталлар төрөппүтү кытта тэҥҥэ кэнчээри ыччаппыт иитиитигэр сүрүн суолталаахпытын өйдүүбүт. Ол курдук, чуолаан кыыс оҕону иитиигэ туһаайан, былырыыҥҥыттан оскуолабытыгар «Кыыс Куо» бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Бырайыак сүрүн сыала-соруга: кыыс айылҕаттан бэриллибит аналын ситэ өйдөөн, олоххо бэлэмнээх буоларыгар, кэрэ сэбэрэтин, доруобуйатын көрүнэ үөрэнэригэр, иллэҥ кэми сөптөөхтүк дьаһанарыгар, чиэһин кыра эрдэҕиттэн харыстаан сылдьарыгар иитии буолар.
«Кыыс Куо» бырайыак бастакы тэрээһинэ быйыл алтынньы 28 күнүгэр ыытыллыбыта. 5-11 кылааска диэри үөрэнэр кыргыттар учууталлары, анал исписийэлиистэри кытта төгүрүк остуол тула истиҥ кэпсэтиилэргэ, маастар-кылаастарга кыттыыны ыллылар. Ол курдук, 5-6 кылаас кыргыттарыгар оскуолабыт гигиенист бырааһа Дмитриева Мария Владимировна, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун улуустааҕы киин балыыһатын дьахтар көрдөрүнэр кэбиниэтин исписийэлииһэ Саргылаана Ивановна Захарова кыыс оҕо доруобуйатын, бастааҥҥы «ыйдааҕы» кэллэҕинэ хайдах ыраастык көрүнүөхтээҕин туһунан сиһилии кэпсээтилэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Уопсайа 22 кыыс кыттыыны ылла. 7 «а» кылаас кыргыттарыгар «Кэрэли» оҕону сайыннарар киин педагог-психолога Нина Ильинична Слободчикова тренинг быһыытынан дьарык, аһаҕас кэпсэтии ыытта. Уопсайа 14 кыыс кыттыыны ылла. 7 «б» кылаас үөрэнээччилэригэр оскуолабыт «Феникс» оҕо-тэрилтэтин салайааччыта, педагог-организатора Яна Ариановна Васильева «Гигиена подростков» диэн темаҕа истиҥ кэпсэтии ыыппыта. Кыыс оҕо баттаҕы үчүгэйдик көрүнүөхтээҕин, оскуолаҕа хайдах өрүнэн кэлиэхтээҕин туһунан кэпсээтэ уонна маастар-кылаас быһыытынан көрдөрдө. Оҕолор сөбүлээбиттэрэ диэн, бэйэ-бэйэлэригэр бөрүчүөскэ оҥорон, куруук хомуллаҕас да баттахтаах сылдьан кыраһыабай буолуохха сөбүн бэлиэтээбиттэрэ. Оскуолабыт логопед учуутала Саргылаана Афанасьевна Сивцева 8 «а» кылаас кыргыттарыгар анаан кэрэ сэбэрэлэрин, доруобуйаларыгар көрүнэ үөрэнэллэригэр сүбэ-ама биэрдэ. Уопсайа 12 кыыс кыттыыны ылбыта. 8 «б» кылаас кыргыттарыгар олус туһалаах, интэриэһинэй маастар-кылааһы биһиги төрөппүппүт Юлия Егоровна Суворова көрдөрдө. Кини бэйэтэ визажист үөрэхтээх, кэрэ аҥаардарга сэбэрэлэрин тупсаран макияж, прическа оҥорор. Эдэр кыргыттар сирэй тириитин хайдах сөпкө көрүнүөхтээхтэрин туһунан сүбэ-ама биэрбитэ уонна Ньургуйаана Андрееваҕа оскуолаҕа сөптөөх күнүскү макияж оҥорон көрдөрбүтүн, оҕолор сэҥээрдилэр, боппуруостарыгар эппиэт ыллылар, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Улахан кылаас оҕолоругар кыыс уонна уол сыһыана сытыытык турар. «Дьиҥнээх истиҥ сыһыаны»,«тапталы» уол да кыыс да «ситэ-хото илик сыһыантан»,«бастакы умсугутууттан»,«гормон оонньооһунуттан» сатаан араарбат буолара, сыыһаны-халтыны оҥороро баар көстүү. Ийэ кыыһын кытта чугас-истиҥ сыһыаннаах, уол кыыс сыһыанын туһунан барытын кыыска кэпсиир буоллаҕына, ону таһынан дьиэ-кэргэҥҥэ эрэ буолбакка, оскуолаҕа эмиэ бу үөрэх баар буоллаҕына, кыргыттарбыт сөптөөх суолу булунан, аналларын, олохторун таба өйдүүллэригэр көмө буолуо диэн сыалтан «төгүрүк остуол» тула истиҥ сэһэргэһии бастаан 11 «а», 11 «б», онтон 10 «а», 10 «б» кылаас кыргыттарыгар буолан ааста. Оскуола педагог-психолога Туйаара Николаевна Пинигина, саха тылын уонна литературатын учуутала Венера Николаевна Птицына «Тууйуллуу» диэн кэпсээн тула олоххо баар кыһалҕалары ырыттылар. Кэпсэтии ыалдьыттарынан Наталья Владимировна Егорова, Перьмнааҕы финансово-экономическай колледж устудьуона, уонна Лена Петровна Саввина, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун улуустааҕы киин балыыһа төрүүр дьиэтин акушерката, буоллулар. Кинилэр бэйэлэрин уопуттарын, кыыс оҕо бэйэтин доруобуйатын бэйэтэ харыстаныахтааҕын, эрдэ «сыһыаҥҥа» киирэр кыыс доруобуйатыгар туох сабыдыаллаҕын туһунан уонна уоллаах кыыс ыал буоларга эттэринэн-сииннэринэн эрэ буолбакка, өйдөрүнэн-санааларынан бэлэм буолуохтаахтарынан туһунан аһаҕас, истиҥ кэпсэтиигэ таҕыстылар.
Улахан кылаас кыргыттара маннык кэпсэтиилэр олус наадалаахтарын бэлиэтээтилэр, бэйэлэрин боппуруостарыгар эппиэт, сүбэ-ама ылан тарҕастылар. Уопсайа икки бөлөҕүнэн 32 кыыс кыттыыны ылла.
Хас чиэппэр аайы «Кыыс Куо» бырайыак тутула уларыйан иһэр. Аныгыс чиэппэргэ «Сатабыл оскуолата» төрөппүттэр оҕолорго анаан олус туһалаах, интэриэһинэй маастар-кылаас ыыталлара былааннанар.
Туйаара ПИНИГИНА, педагог-психолог,
Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата.