1922 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан «Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын суверенитетын туһунан» декларация ылыллыбыта. Бу күнтэн ыла Улуу Арассыыйа састаабыгар киирэн туспа өрөспүүбүлүкэ буолбуппут.
Бу күн оскуолабытыгар бырааһынньыктааҕы линейкаҕа оскуолабыт бары үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллыбыт. Маннык үрдүк суолталаах тэрээһини оскуолабыт сыл аайы бэлиэтиир. Бу күн оскуолабыт бары үөрэнээччилэрэ, учууталлара туспа омук буолан туран национальнай көстүүмнээх, өрө көтөҕүллэн Өрөспүүбүлүкэбит гимнын ыллаатыбыт, 2 кылаас уолаттара «Мин сахабын» диэн ырыаны толордулар.
Линейка кэнниттэн кылаастарынан анал кылаас чаастарын И.И. Ефимова, А.С. Егорова, И.И. Терентьева ыыттылар. Манна суверенитет ылылыллыбыт историятын, былаахпыт, гербэбит суолтатын, автономияны турууласпыт чулуу дьоммутун Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов тустарынан кэпсээтилэр.
Бу күн биһиги Сахабыт сирин национальнай уратытын, чулуу дьоммут туруорсан кэлбит ыра санааларын түмэр, биһиги, аныгы көлүөнэ, сайдар кэскилбит бэйэбит илиибитигэр баарын дириҥник өйдүүр суолталаах күн буолар.
Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбыннаһын туруорсубут чулуу дьоммутугар уонна судаарыстыбаннас бөҕөргүүрүгэр туруулаһан үлэлээбит биир дойдулаахтарбытыгар, ытык-мааны кырдьаҕастарбытыгар махталбыт улахан.
Тапталлаах Сахабыт сирэ үүнэ-сайда туруохтун!
Валя СПИРИДОНОВА, Хаптаҕай орто оскуолатын 11 кыл. үөрэнээччитэ, «Кустук» медиа-студия иитиллээччитэ.