Михаил Андреевич Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатыгар саҥа үөрэх дьыла саҕаланан, быйыл Билии күнэ ураты, оскуола историятыгар өйдөбүнньүк ис хоhоонноох буолла. 2023 сыл Саха сиригэр Υлэ сылынан биллэриллибитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ араас хабааннаах үлэлэр ыытылыннылар. Ол иhигэр оскуолаларга улахан суолталаах ѳрөмүѳннэр буоллулар.
Биhиги оскуолабыт онно хапсан, оскуолабыт тас көстүүтэ уларыйда, уопсай иэнэ кэҥээтэ. Арассыыйаҕа Педагог уонна наставник сыла буолан, үөрэхтээhин сайдарыгар улахан ситиhиини аҕалла, толору хааччыллыылаах сыыппара үөрэҕин эйгэтин (ЦОС) кабинета арылынна.
Бырааһынньыкпыт үс бүк үөрүүлээх буолла: Билии күнэ, оскуола дьиэтин салҕааһынын уонна саҥа кабинеты арыйыы. Сахалыы сиэри-туому тутуhан, муусука учуутала Матрена Егоровна Кириллина алгыс ырыатынан саҕалаан, буруо таhааран ыраастаан, нэhилиэк баhылыга Егор Афанасьевич Николаев уонна дириэктэр Виталий Владиславович Макаров кыhыл лиэнтэни быhан саҥа кабинеттар арылыннылар.
Оскуолабытыгар бу сайын федеральнай ремонт үлэтэ ыытыллыбытын туhунан сиhилии кэпсиир оскуолабыт дириэктэрэ В.В. Макаров:
— «Модернизация школьных систем образования» бырагырааманан оскуолабытыгар федеральнай суолталаах өрөмүөн, оскуола дьиэтигэр эбии 3 кабинеттаах салҕааһын (пристрой) туттулар. Онтон иккитэ технология кабинета уонна ЦОС (сыыппара үөрэҕин эйгэтэ) кабинета буолла. Оскуолабыт тас өттө саҥардыллан, сарайа уларыйда. Уруккута ондулин эбит, билигин металлочерепица буолла. Истиэнэтигэр эбии ититии эбилиннэ, тас көрүҥэ саҥа дизайнынан оҥоһулунна. Федеральнай өрөмүөн бырагырааматынан эбии харчы көрүллэр, онон саҥа мебель сакаастаан ыллыбыт. Кылаастарга барыларыгар саҥа аныгы паарта, устуул, ыскаап, остуол уларыйда. Ону таhынан быйыл биhиги «Υөрэхтээhин» диэн федеральнай бырайыакка хапсан, сыыппара үөрэҕин эйгэтэ (ЦОС) бырагыраамаҕа киирдибит. ЦОС тэриллиитэ оҕо бары өттүнэн сайдарыгар усулуобуйаны тэрийэр улахан суолталаах. Уопсайа үс интерактивнай телевизор, принтер, 31 ноутбук кэллэ, анал саҥа кабинет толору хааччылынна.
Сыыппара үөрэҕин эйгэтэ кабинет салайааччытынан информатика учуутала Прокопий Анатольевич Алексеев ананна. Кини бу кабинет туhунан билиhиннэрдэ: «Бу ЦОС кабинетын сүрүн соруга — оҕолор үөрэхтэрэ тупсарын туhугар диэн. Оҕолор электроннай сайтарга киирэн бэйэлэрэ дьарыктаналлар, манна түргэн Интернет холбонор. Интернетинэн үөрэх араас сайтарыгар, библиотека буоллун, ОГЭ, ЕГЭ толорорго эрчиллэллэр. Бу кабинет элбэх соруктары толорор аналлаах. Υлэhиттэр да, үөрэнээччилэр да киирэн дьарыктаналлар. Сыыппара үөрэҕин эйгэтэ төрөппүтү, оҕону, учууталы түмэр биир кабинет буолар».
2023-2024 үөрэх дьылын көрсө үөрэнээччилэр саҥа паартаҕа олорон үөрүүлэрэ үксээн, саҥа көрүүлээх үөрэхтэрэ саҕаланна. Маҥнайгы кылааска 5 оҕо киирдэ. Бу кырачаан үөрэнээччилэри үрдүкү категориялаах учуутал Айталина Николаевна Шамаева оскуола олоҕор үөрэтиэ, үөрэх эйгэтигэр сирдиэ.
Билигин сыыппара эйгэтэ күүскэ өтөн киирдэ, оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн ураты көрүүлээх, сатабыллаах буола улааталларыгар, сайдалларыгар ЦОС кабинета арыллыбыта туhалаах буолуо диэн эрэнэбит.
Людмила ТАРАСОВА,
М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын учуутала,
Илбэҥэ, Бүлүү.