Президент диэн улахан дуоһунас. Оттон биһиэхэ оскуола оҕолоругар бэйэбит испитигэр бэйэни салайыныы президенэ баар буолар. Бу дуоһунаска оскуола оҕотун хамсааһынын салайыам, дьиҥнээхтии үлэлиибин эрэ диир оҕолор хандьыдаакка тураллар.
Оннук курдук, биһиэхэ Н. И. Кочнев аатынан 1 Хаҥалас орто оскуолатыгар ахсынньы 19 күнүгэр сылын ахсын буоларын курдук, оскуола бэйэни салайыныытын президенин таллыбыт. Уопсайа оскуола президенин дуоһунаһыгар 6 туйгун үөрэнээччилэр хандьыдаакка туруоруммуттара. Кинилэр оскуоланы салайар баҕа санаалаахтарын эттилэр. 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ бука бары куоластааһыҥҥа кытыннылар. Куоластааһын түмүгэр, кыайыылаах уонна саҥа президеммитинэн элбэх куолаһынан баһыйан, мин убайым, Олег Адамов буолла.
Олег биһиги оскуолабыт туйгун үөрэнээччитэ, туох баар бары тэрээһиннэргэ кыттар, олимпиадаларга куруутун миэстэлэһэр. Онон биһиги оҕолор сөпкө талбыппыт дии саныыбын.
Олег бу күн махтал тылларын уонна эрэллээхтик, оскуолатын туһугар үлэлиэҕин туһунан, бу үөрэх сылын үчүгэйдик үлэлээн-хамнаан атаарарга дьулуһуохпут диэн этиитинэн түмүктэннэ. Тус бэйэм Олегка өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарыам этэ!
Анатолий Анатолий, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
«Ыллык» эдкорпост, Ньурба оройуона.