Саҥа Дьыл бырааһынньыга чугаһаан сир-сир аайы киэргэтиилэр, уотунан-күөһүнэн сырдатыылар, харыйаны симээһиннэр саҕаланнахтара. Ким эрэ хаар оҥорон, ким эрэ хаар кыырпаҕын кырыйан, ким эрэ бэлэх, эҕэрдэ сурук айа-толкуйдуу бокуойа суох сылдьабыт.
Ол курдук биһиэхэ оскуола Харыйатын сылын аайы оҕолор оҥорбут киэргэл оонньуурдарынан симиибит. Оҕолор бу куонкуруска олус көхтөөхтүк кытталлар. Онон харыйабыт сылын аайы саҥаттан саҥа, сонун, ураты киэргэллэринэн симэнэр. Оҕо бэйэтэ оҥорбут оҥоһуга ураты күндү буолар. Онон хас биирдии оҥоһук оонньуур сылааһынан илгийэр дьикти күүстээх, абылыыр дьиибэлээх.
Оҕолорбут быйыл даҕаны үлэлэрин куонкуруска аҕалан саҕалаатылар. Саҥа Дьыл бырааһынньыгар кыайыылаахтар Тымныы оҕонньортон бэлэх ылыахтара.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө- Күөл б.