Иван Афанасьевич Федоров аатынан Үһүс Малдьаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын эдэр корреспонденнара, бу күннэргэ, дириэктэрбит Иван Иванович Павловтан интервью ыллыбыт. Билэрбит курдук, дириэктэр оскуолаҕа сүрүн киһи буолар. Үп-харчы эргийиитин, күннээҕи олох кыһалҕаларын барытын сорук оҥостон дьаһайар хамсатар.
Үтүө күнүнэн! Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриэххит дуо?
– Үтүө күнүнэн! Мин Павлов Иван Иванович диэммин. Хаҥалас улууһун И.А. Федоров аатынан Үһүс Малдбаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитим 7 ыйа буолан эрэр.
– Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
– 2012 сыллаахха ХИФУ ФТИ салаатын бүтэрэрим саҕана, төрөөбүт дойдубар, үөрэммит оскуолабар, физика уонна информатика учууталын миэстэтэ тахсан, ыҥырыллан үлэлии кэлбитим.
– Эһиги санааҕытыгар, оскуоланы салайарга саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
– Оскуоланы салайарга,мин санаабар, салайааччы бастатан туран стратег буолуохтаах, үөскээбит араас балаһыанньаҕа сөптөөх быһаарыыны ылыахтаах. Коллективы кытары биир тыл булан, биир санаанан салайтаран оскуола сайдарын туһугар үлэлиэхтээх.
– Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий (хас кыыс, хас уол), хас учуутал үлэлиирий?
– 2014 сыллаахха улуус баһылыгын уурааҕынан оскуолабытыгар “Мичил” оҕо уһуйаана сыһыарыллан, биир тэрилтэ буолан үлэлии олоробут. Оскуола үрдүнэн уопсайа 30 үлэһиттээхпит, онтон 14 учуутал уонна 3 иитээччи (воспитатель). Күн бүгүн, оскуолабытыгар 24 оҕо үөрэнэр, оҕо уһуйааныгар 10 оҕо сылдьар.
– Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
– Сүрүн кыһалҕабыт: эдэр ыччат үксэ куоракка көһөн киирэрэ элбээтэ, онтон сылтаан оскуолабытыгар оҕо ахсаана сылтан сыл аҕыйаан иһэр. Оскуолабытыгар саҥа специалистар үлэлии кэлиэхтэрин благоустроеннай, үчүгэй условиялаах уопсай дьиэбит суох.
Соловьева Виктория, 5 кылаас
Лукина Вероника, 6 кылаас
Үһүс Малдьаҕар оскуолатын үөрэнээччилэрэ