Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах орто оскуолатыгар алтынньы ый устата оскуола бибилэтиэкэтин ыйынан биллэрилиннэ. «Аан дойдуга кыылы көмүскээһин» күнүгэр аналлаах 5-7 кылаастарга «Арай мин кыыл буолуум» тиэмэҕэ өйтөн суруйуу күрэҕэ буолан ааста. Манна киирбит бастыҥ үлэлэртэн билиһиннэрэбит.
Мин Өлүөхүмэҕэ төрөөбүтүм, бииргэ төрөөбүт үспүт. Миигин Даппарай дэриэбинэтиттэн булчут ыт оҥостоору илдьэ кэлбиттэрэ.Саамай тымныы ый кэмигэр,тохсунньуга, дьиэ иһигэр олорбутум. Миэхэ Модун диэн аат биэрбиттэрэ. Онтон өссө биир ыты эбии иитэ ылбыттара. Дохсун диэн ааттаабыттара. Биһиги убайдыы-бырааттыы курдук буолбуппут. Бииргэ оонньуурбут, аһыырбыт, утуйарбыт. Билигин улаатан дьиэ харабылабын, таһырдьа уйалаахпын.
Петя Егоров, 5 кылаас.
Мин куобахпын. Ойуурга дьиэлээхпин. Уһуун-уһун чөрөгөр кулгаахтаахпын, кылгас, тойтойбут кутуруктаахпын. Биһиги куобахтар моркуоп, хаппыыста, отон сиирбитин олус сөбүлүүбүт. Кыһын дьиикэй кыыллартан быыһанаары биһиги үрүҥ түүлээх соммутун кэтэбит. Кулгаахпыт чуор буолан, өстөөхтөрбүтүттэн начаас куотабыт. Кыһыны өссө халыҥ хаары хаһан от-мас төрдүн кэбийэбит. Итинник аһаан уһун кыһыны туоруубут. Биһигини дьонтон өлөрүмэҥ диэн көрдөһүөхпүтүн баҕарабыт.
Юля Чемпорова, 5 кылаас.
Дорооболоруҥ. Мин аатым Ерик диэн. Икки саастаахпын. Хаһаайыттарым биэстэр: Лида, Федя, Сайыына, Лера, Мичийэ. Кинилэр миигин аһаталлар, көрөллөр-харайаллар. Арыт ханна эмэ бардахтарына, илдьэ бараллар. Сороҕор мин киһи буолан көрүөхпүн баҕарабын да ол кыаллыбат.
Сайыына Худаева, 6 кылаас.
Мин эһэбин, аар тайҕа аарымата, хара тыа адьырҕа кырдьаҕаһабын. Биир-икки оҕолоох буолабын. Син-биир киһи курдук оҕолорбун сууйабын, таһыйабын, үөрэтэбин. Арыт үрэххэ балыктыыбын, отонноон, сугуннаан аһыыбын. Күһүн арҕах хастан утуйабын. Саас арҕахтан тахсан, аһылык көрдүү барабын. Тот кэммэр кими да тыыппаппын. Аччык буоллахпына, кутталлаахпын.
Марк Максимов, 6 кылаас.
Мин аатым Альфа, хойуу үрүҥ түүлээхпин. Хаһаайыным аата Клим. Кини миигин олус таптыыр. Күҥҥэ үстэ аһатар. Иллэҥ бириэмэтигэр миигинниин олус тапсан оонньуубут. Хаһаайыммын олус күүскэ таптыыбын. Хаһан баҕарар көмүскэһэргэ бэлэммин.
Клим Торговкин, 5 кылаас.
Мин төрөөбүт-үөскээбит дойдум Халыма туундарата. Ол иһин муус маҥан өҥнөөхпүн, кып-кыһыл тумсулаахпын, атаҕым эмиэ кып-кыһыл өҥнөөх. Сөбүлүүр аһым күөх от уонна балык. Сайын саҕаланнаҕына сир-дойду үрдүнэн кырыйа көтөн, айылҕа мааны хонуутугар доҕотторбунаан түһэн, сынньанан, үҥкүүлээн, ыллаан сырыттахпына, кэпсээн оҥостуохтара, түспүт сирбитин харыстыахтара, кыталыктар үҥкүүлээн ааспыт сирдэрэ диэн ааттыахтара. Мин баҕа санаам күөх халлаан ыраас буоларыгар, табаарыстарбынаан көҥүл көччуйэ, сири-дойдуну киэргэтэ сылдьарбытыгар.
Саргылана Гермогенова, 6 кылаас.
Мин кыракый тииҥчээммин. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит эрэ, кыракый кып-кытыгырас бырааттаахпын. Биһиги аҕабыт бэс маска дьиэбитин оҥорон биэрбитэ. Онтукабыт наһаа сылаас. Ийэм дьиэтин-уотун сууйан-тараан тахсар. Урут ыалдьыт бөҕөтө кэлэн барааччы. Билигин ыарыынан сибээстээн ким да барбат- кэлбэт.
Хас күһүн аайы сибиэһэй тэллэй, эриэхэ, отон хаһаанабыт. Мастан маска ойуоккалаан, сиргэ түһэммит тэллэйдиибит. Күн аайы куттал. Аны ханнык эмэ кыыл, көтөр сиэн кэбиһиэ диэн. Дьон да хаалсыбат. Бэргэһэ,сон тиктээри бултууллар. Онон күн аайы сэрэхтээхтик сылдьабыт. Быйыл кыһын тымныы буолар үһү диэн дьоннорум дьиэлэрин сылаастык оҥоһуннулар. Түмүкпэр этиэм этэ: айылҕаны, кыыллары харыстаатыннар диэн. Сахабыт сиригэр тииҥнэр аҕыйаан эрэбит.
Лилиана Корнилова, 6 кылаас.