Идэни баһылыырга, дьоҕургун, кыаххын сайыннарарга анаан биһиги оскуолабытыгар хас да хайысхалаах бырайыактар, элективнэй курстар үлэлииллэр.
Уруогу таһынан дьарыкпытыгар үөрэнээччи интэриэһин, дьоҕурун сайыннарыыга, личность быһыытынан уратытыгар сүрүн болҕомто уурулларын таһынан, аан дойдуга араас дьикти идэлэр, үөрэх кыһалара баалларын уонна хайдах хамнастаһарыҥ туһунан эмиэ сырдаталлар. Ону таһынан тэрээһиннэр буолаллар. Холобур, устудьуоннары кытары көрсүһүү биэчэрдэрэ, оонньуулар, кылаас чаастара.
Устудьуоннары кытта көрсүһүү сыл ахсын, үгэс быһыытынан, тохсунньуга ыытыллар. Каникулларыгар кэлбит устудьуоннарбыт ханнык үөрэх кыһатыгар үөрэнэллэрин, устудьуон олоҕун, үөрэххэ туттарсарга ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин, биир кэлим эксээмэн ымпыгын-чымпыгын, онно хайдах бэлэмнэнэргэ тиийэ барытын кэпсииллэр, сүбэлииллэр.
Учууталларбыт оҕо талаанын, дьоҕурун, баҕатын учуоттаан, улуустааҕы да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да куонкурустарга, күрэхтэргэ, ааҕыыларга кыттарбытыгар бэлэмнииллэр, ситиһиилэрбититтэн үөрэллэр. Ол кыттыыбыт инникитин идэни таларбытыгар төһүү күүс, тирэх буолар. Хас биирдии үөрэнээччи сөптөөх идэни таларын туһугар идэлэргэ төрөппүт, оскуола биир санаанан үлэлииллэр.
Оҕо оскуоланы бүтэрэн, баҕарбыт үөрэҕэр туттарсан, идэтин дириҥник баһылыырыгар ыйан-кэрдэн биэрэр, сүбэлиир-амалыыр мындыр дьонноохпут. Ол курдук, ХИФУ физико-техническэй институтун «Уопсай уонна экспериментальнай физика» кафедратын профессора, Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн бастакы физик учуонайа Иван Никитич Николаев биһиги оскуолабытыгар кэлэн, оҕолору кытта көрсүһүүтүгэр олох күннээҕи ирдэбилигэр сөп түбэһэр, күн аайы бүгүҥҥү күҥҥэ наадалаах идэлэри арыйыы соруга турарын, үөрэтии хаачыстыбата, усулуобуйата үрдээбитин, бүтэрээччилэри үлэнэн хааччыйыы инники күөҥҥэ тахсыбыта көдьүүстээҕин быһаарбыта. Кини түбүктээх үлэтин быыһыгар науканан дьарыктанарын тохтоппот. Араас өрүттээх үлэни салгыыр, МГУ-ну кытта үлэлэһэр.
Иван Алексеевич Николаев – норуодунай учуутал Михаил Андреевич Алексеев үөрэнээччитэ. Кини: «Россия үөрэҕин тиһигин тосту уларытыы биир сүрүн соругунан үөрэнээччилэри үрдүкү сүһүөххэ үөрэтиигэ хайысхалаах үөрэхтээһини киллэрии буолар. Ол эбэтэр оҕо идэтин таларыгар эрдэттэн бэлэмнээн, оскуола үөрэнээччини идэ ыларга туһаайан үөрэтиини-иитиини дьүөрэлээн ыытыахтаах», — диир.
Бу биһиэхэ оҕолорго анаан этиллибит сүбэлэрэ-амалара дириҥ өйдөбүллээхтэр, киһини толкуйдаталлар, инникитин сайдыылаах буолан тахсарбытыгар кыһамньыларын туоһулуур.
Данил Шамаев,
Бүлүү улууһун Баппаҕаайы оскуолатын
IX кылааһын үөрэнээччитэ.
“Көмүс бөрүө ” пресс-.киин.