Муус устар 8 күнүгэр оскуолабыт 9-11 кылаас оҕолоро үтүө санаанан кынаттанан Бүлүү улууһун, Тааһаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ муниципальнай сулууспа туйгуна, өр сылларга нэһилиэкпитин салайан кэлбит ытыктыыр-убаастыыр киһибит Афанасий Петрович Поскачиҥҥа тиэргэн хаарын таһан көмөлөстүлэр. Афанасий Петрович оҕолорго махтанна, ситиһиилээх үөрэҕи, үтүө санаанан кынаттанан кырдьаҕаска-кыаммакка көмөлөһө туралларыгар баҕара хаалла.
Маны таһынан, бу күн Росгвардия кылааһын оҕолоро Кыайыы скверин хаарын ыраастаатылар. Санатан эттэххэ, быйылгы Кыайыы күнүн нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ саҥа сквергэ көрсөөрү үөрэ-долгуйа күүтэр.
Бу курдук, оскуолабыт оҕолоро нэһилиэк олоҕор төһүү күүс буолаллар.
«Дабаан» эдкордара,
Дайаана Нахова, Саяна Григорьева, Андреев Харысхан, Суханов Айаал,
Тааһаҕар, Бүлүү