Кэбээйи улууһун Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыттан ананан дириэктэринэн үлэлии сылдьар Гаврил Павлович Харлампьевы кытта «Дьоҕур» медиакиин юнкора Айсен Егоров көрсөн кэпсэттэ.
— Бастатан туран, бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ.
— Гаврил Павлович Харлампьев диэммин. Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыттан дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьабын. Бэйэм төрүт Кэбээйи олохтооҕо буолабын, оскуоланы эмиэ манна бүтэрбитим. Бу иннинэ история учууталынан уонна дириэктэри иитии үлэтигэр солбуйааччынан үлэлээбитим.
— Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
— Биһиги Харлампьевтар, халыҥ аймах 400 ыстаастаах учууталлар династиялара буолабыт. Биһиги аймах үөрэхтээһин үтүө үгэстэрин бу сыллар тухары, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри утумнаахтык илдьэ сылдьар. Дьиэ кэргэммитигэр үөрэҕирии салаатыгар араас хайысхаҕа учууталлар үлэлээн кэлбиттэрэ уонна үлэлии сылдьаллар. Онон тус бэйэм эмиэ оскуола саҕаттан учуутал буолабын диэн быһаарыммытым. Онно историяҕа учууталым Григорий Константинович Егоров улахан оруолу оонньообута. Бу биридимиэти интэриэһиргээн, история учууталын идэтин таллаҕым. Салгыы даҕаны бу утум удьуорунан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бара туруо диэн бигэ эрэллээхпин.
— Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Оскуоланы, кэллэктииби биир сомоҕо гына салайар, биллэн турар, чэпчэки буолбатах. Сүрүн ирдэбил, мин санаабар, кэнчээри ыччаппыт үөрэнэригэр, бары өттүнэн сайдарыгар, учууталларбыт үлэлииллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийии буолар. Оскуолабыт 2005 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Икки этээстээх, 450 миэстэлээх таас оскуола буолар. Оскуола сылаас, сырдык, сылын ахсын тупсарыы үлэтэ ыытылла турар.
Маны сэргэ, салайарга саамай сүрүнэ эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх уонна бииргэ үлэлиир дьоҥҥо, үөрэнээччилэргэ киһилии сыһыан баар буолуохтаах дии саныыбын.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий? Хас кыыс, хас уол, уонна хас учуутал үлэлиирий?
— Оскуолабытыгар уопсайа 348 оҕолоохпут, кыыһа — 183 кыыс, уола — 165. Учууталбыт ахсаана – 56. Кэбээйи орто оскуолата агро хайысхалаах буолар. Онон сүрүн уратыбыт диэн сайын устата үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарын тэрийэн үлэлэтэбит. Ол курдук, оҕолору үлэҕэ, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарар сыаллаах, оҕуруот аһын арааһын олордобут, от үлэтигэр сыһыарабыт. Сайыны быһа үүннэрбит оҕуруот астарын кыһын тото-хана сииллэр, онтон атынын нэһилиэккэ атыылаан, эбии дохуот киллэринэбит.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
— Үөрэхтээһин ситимигэр сыл аайы учебниктар уонна ирдэбиллэр уларыйан иһэллэр. Учебнигынан хааччыйыыга быйылгы сылга 300 тыһыынча көрүллэн турар. Онон улахан ыарахаттары көрсүбэппит.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо ?
— Оскуолабыт сахалыы тыллаах хаһыаттарга сурутуута, туспа үбүлээһин көрүллүбэт буолан, мөлтөх соҕус. «Дабаан» улууспут хаһыатыгар сыл аайы суруттарабыт.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Урут даҕаны, билигин даҕаны үлэҕэ «Учуутал – үөрэнээччи — дьиэ кэргэн» диэн хайысханы өрө тутабыт. Ханнык ба5арар омук үтүө өйүн-санаатын, культуратын, үгэстэрин, материальнай баайын биһигэ – дьиэ кэргэн. Дьиэ кэргэн – оҕону иитии саамай саҕаланар сирэ. Онон быйылгы сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбиттэрэ саамай сөптөөх дии саныыбын. Оскуолабытыгар итиннэ сөптөөх бырагыраамма, былаан оҥоһуллан үлэ ыытылла турар.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, оскуола – нэһилиэк олоҕун киин өттө, нэһилиэк сирэйэ буолар. Хас биирдии нэһилиэк сайдыыта оскуолатыттан тутулуктаах диэтэххэ сыыспатым буолуо.
Нэһилиэкпитигэр үгүс тэрилтэ үлэлии-хамсыы турар, араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онуоха барытыгар оскуола үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ ситимнээхтик үлэлиибит, ыччаппыт чөл туруктаах, олоххо тардыһыылаах, барыга бары көхтөөх буолалларыгар үлэни ыытабыт. Араас хайысхаҕа, өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Россия таһымнаах күрэхтэргэ оскуолабыт оҕолорун ситиһиилэриттэн үөрэбит. Оскуолаларын бүтэрэн, ситиһиилээх дьон буолан оскуолаларын, нэһилиэктэрин, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин ааттатыахтара диэн эрэнэбит.
Айсен Егоров, 9 кылаас, «Дьоҕур» медиакиин,
Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата