Кэбээйи улууһун В.Е.Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолатын дириэктэрин Андрей Викторович Новгородовы кытта кэпсэттим.
— Үтүө күнүнэн Андрей Викторович! Кылгастык бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо ?
— Мин Кэбээйи улууһугар Сииттэ бөһүөлэгэр төрөөбүтүм, 1992 сыллаахха Сииттэ ситэтэ суох орто оскуолатын 9-с кылааһы бүтэрбитим. Салгыы Нам орто оскуолатыгар X—XI кылааска үөрэммитим . 1994 сыллаахха Дьокуускай куоракка Култуура уонна искусства колледжыгар туттарсан киирбитим. Төрүт култуура салаатын бүтэрэн дойдубар төрүт култуура учууталынан уонна «Арбилай» оҕо тэрилтэтин салайааччытынан үлэлии кэлбитим. Салгыы үөрэхпин үрдэтинэн, В.Е.Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолатыгар директорынан 2019 сыллаахха ананан кэлэн, үлэлии сылдьабын.
— Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
— Кыра эрдэхпинэ учуутал буолар баҕа санаа баһыйбыта. Үөрэппит учууталларым курдук учуутал идэтин баһылаабытым.
— Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Бастатан туран, оҕоҕо билиини биэрэргэ профстандартка эппиэттиир учуутал таһыма үрдүк буолуохтаах. Иккиһинэн, кадровай үлэһит өттүнэн 100% оскуола учуутала тиийэрэ .Үсүһүнэн, оскуола материальнай өттүнэн толорута. Биллэн турар, оскуоланы салайар диэн билиҥҥи кэмҥэ улахан эппиэтинэс, ол иһин ирдэбил улахан буолуохтаах. Үлэлиир кэллэктииби кытта убаастабыллаах сыһыан баар буолуохтаах.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий уонна хас учуутал үлэлиирий ?
—Сииттэ орто оскуолата уопсай миэстэтэ 80 оҕоҕо ананан тутуллубута. Билиҥҥи туругунан оскуола5а уопсайа 64 оҕо үөрэнэр уонна 24 учуутал үлэлиир.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— Нэһилиэкпитигэр сайынын уонна кыһынын айаммытыгар ыарахан күчүмэҕэйдэри көрсөбүт. Ол курдук улууспут нэһилиэктэригэр, өрөспүүбүлүкэҕэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, научнай кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадаларга барарга кэккэ ыарахаттары көрсөбүт.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
— Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэргэ элбэх үлэ барыахтаах, оскуола иһигэр үлэ күөстүү оргуйуохтаах. Биһиги учууталларбыт үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүн туһугар сыраларын ууран үлэлииллэр. Улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да элбэх хайысхаларга ситиһиилэрэ элбэх.
Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
— Үөрэх управленията сылын аайы учебниктарга үп көрөр. Сылга барыллаан 350-400 тыһ солк көрүллэр ол гынан быйылгы сылга 100.000 тыһ.солк көрүллүбүтэ. Оҕону толору аныгы ФГОС-ка эппиэттир учуобунньугунан толору хааччыйа сатыыбыт.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— Сахалыы тыллаах сурунаалга уонна хаһыакка учууталлар «Дабаан», «Саха сирэ», «Кыым» хаһыаттарга сахалыы тыллаах сурунаалларга биирдиилээн суруталлар. Кылаас салайааччылара уонна оҕолор «Кэскил» хаһыакка суруттараллар.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
Төрөппүт учуутал уонна оҕо биир быстыспат ситим буолуохтаах. Биир санааҕа киирэн оҕо туһугар диэн үлэ күүскэ барыахтаах. Төрөппүккэ оскуолабыт аана өрүү аһаҕас, бииргэ үлэлииргэ өрүү бэлэммит. Биһиги оскуолабытыгар 2020 сыллаахха «Точка роста» арыллыбыта. Бу аныгы оскуола буоларын быһыытынан оскуолаҕа оҕо эрэ буолбакка нэһилиэнньэттэн кытта киирэн үөрэниэхтээхтэр. Биһиги оскуолабытыгар «Точка роста» — обж, технология уонна информатика хайысхаларынан үлэлиир. Онон Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн, оскуола дьиэ кэргэни кытта былаан быһыытынан биир ситимҥэ киирэн үлэлиэхтээх, оччоҕо дьиэ кэргэн уонна оскуола үлэтэ күүһүрүө диэн эрэнэбин. Дьиэ-кэргэн уонна оҕо сылынан оскуола иһинэн комплекснай былааны ылынан үлэбитин саҕалаатыбыт.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
Биһиги Сииттэбитигэр 300-тэн тахса киһи олорор. Биллэн турар кыра нэһилиэнньэҕэ саамай туттаах тэрилтэ оскуола буолар. Оскуола суох буоллаҕына нэһилиэнньэҕэ улахан охсуулааҕын бэркэ диэн билэбит. Оскуола аныгы олоххо эппиэттиир буоллаҕына нэһилиэнньэ олоҕо да тупсаҕай буолуо.
Ньургун СИВЦЕВ, VII кылаас, В.Е.Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолата, Кэбээйи