А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолатын дириэктэрин Василий Павлович Бурнашевы кытта кэпсэттибит. Василий Павлович Бурнашев 1992 сыллаахха Тараҕай нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. 2000 сыллаахха Хорообут орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбит, ол кэнниттэн 2004 сылтан Табаҕа орто оскуолатыгар 11 кылааска дылы үөрэммит. Оскуола кэнниттэн Физико-техническай институтка ситиһиилээхтик үөрэнэн физик-информатик идэтин баһылаан, төрөөбүт дойдутугар Табаҕа орто оскуолатыгар сэттэ сыл учууталынан үлэлээбит. 2023 сылга Александр Алексеевич Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолатыгар дириэктэринэн ананан кэлэн, үлэлии-хамсыы сылдьар.
— Василий Павлович, учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
— Мин ийэм өттүнэн төрүттэрим бары учуутал идэлээхтэр, эһээм физик, ону салҕааччы уонна туйах хатарааччы быһыытынан, физик-информатик идэтин талбытым.
— Оскуоланы салайарга эн санааҕар саамай сүрүн ирдэбил?
— Оскуоланы салайарга сүрүн ирдэбил эппиэтинэстээх буолуу, сөптөөх сыалы-соругу туруоран үлэни тэрийии.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— Саамай сүрүн кыһалҕабыт саҥа оскуола тутуллуута буолар.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
— Үөрэх хаачыстыбатын үчүгэйинэн сыаналыыбын. Ол курдук, билиҥҥи туругунан үөрэнээччилэрбит биир кэлим экзамеҥҥа боруобаланан көрүү сорудахтарын, түмүктүүр экзамеҥҥа киирэр өйтөн суруйууну, тылынан кэпсэтиини этэҥҥэ туттаран олороллор.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый?
— 100% учебнигынан хааччыллан олоробут. Учебнигынан хааччылыы федеральнай уонна улуус бюджетыттан үбүлэнэр.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйттыхха эн санааҕар оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Уопсай биир сыаллаах, интириэстээх буоларбыт быһыытынан, дьиэ кэргэни кытары оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ ыкса сибээстээхтик үлэлиэхтээхпит.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэн дуо?
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруола сүрдээх улахан. Инникигэ сайдыыбыт кэнчээри ыччаппытыттан тутулуктаах. Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, дойдутун сайдыытыгар кылаатын киллэрэр ыччаты иитэн-такайан таһаарыахтаахпыт.
— Кэнчээри ыччакка баҕа санааҕыт?
— Баҕарыам этэ үөрэхтэригэр болҕомтону ууран, бары өттүнэн сайдан, ситиһиилэнэн, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларгар, өрүү инники кирбиигэ сылдьалларыгар.
— Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ кыттыбыккар махтанабыт!
Лилия Гермогенова, Кюннэй Никитина,
А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолатын «Хомпу» медиа-киин кэрэспэдьиэннэрэ.