Софрон Петрович Данилов аатын сүгэр Дьиикимдэ орто оскуолатыгар барыта 112 оҕо үөрэнэр, 27 учуутал үлэлиир. Бу күннэргэ эдэр корреспонденнар дириэктэрбит Алексей Алексеевич Саввинтан интервью ыллыбыт. Кини биһиги оскуолабытыгар маҥнай география учууталынан үлэлии киирбитэ, онтон 2020 сылтан дириэктэринэн үлэлиир.
— Алексей Алексеевич, учуутал идэтин туох санааттан талбыккыный?
— Дьиикимдэ орто оскуолатыгар 2009 с. география учууталынан үлэлии киирбитим. Ол сылтан бу учуутал аналын талан уонтан тахса сыл үлэлээтим.
— Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Дьиикимдэ орто оскуолатыгар 2020 сылтан директордыыбын. Мин санаабар, оскуола оҕоҕо иккис дьиэтэ буолар, онон кини сайдарыгар табыгастаах, тупсаҕай усулуобуйа тэриллиэхтээх.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий?
— 11 кылаас кэмпилиэккэ уопсайа 112 оҕо үөрэнэр.
— Хас учуутал үлэлиирий?
— 27 учууталлаахпыт.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— Сүрүн сыалбыт саҥа оскуола туттарыыта буолар. Бу оскуолабыт 1974 с. тутуллубута. 2012 с. капитальнай ремоннаммыта. Билиҥҥи туругунан саҥа оскуоланы туттарарарга диэн былааннаан олоробут.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
— 2023 сыл түмүгүнэн үчүгэй көрдөрүүлээхпит. Биһиги оскуолабыт үөрэнээччитэ үрүҥ көмүс мэтээлинэн түмүктээбитэ. Салҕыы үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиэхпит диэн эрэнэбит.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый?
— ФГОС ирдэбилинэн хас сыл аайы учебниктарбыт саҥардыллаллар.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— Сыл аайы республикабыт хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар сурутуу былаанынан ыытыллар.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Биһиги оскуолабытыгар төрөппүттэр комитеттара, Аҕа сүбэтэ диэн баар, кинилэри кытары былаан быһыытынан үлэлэһэ сылдьабыт. Араас тэрээһиннэргэ, холобура, Ийэ, Аҕа күнүгэр, улахан тэрээһиннэрбиттэригэр төрөппүттэрбит көхтөөх кыттыыны ылаллар.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Мин санаабар, оскуола бастакы уочарат үчүгэй үлэһиттэри, үөрэхтээх дьоннору үүннэрэн таһаарар диэн сыаллаах-соруктаах толкуйдаахпын. Кинилэр оскуоланы бүтэрэннэр, билиилэринэн туһанан, үөрэххэ киирэннэр, үлэһит дьон буолан, бу бөһүөлэктэригэр төннөн кэлэн, бөһүөлэктэрин сайыннаралларыгар диэн сыаллаах-соруктаах бүтэрэллэрэ буоллар толкуйдаахпын. Оскуола, уһуйаан баар буоллаҕына нэһилиэкпит сайдан иһиэҕэ диэн толкуйдаахпын.
— Алексей Алексеевич, ыйытыктарбар эппиэттээбиккэр махтанабын.
Антон Белолюбский,
Дьиикимдэ орто оскуолатын 7 кыл. үөрэнээччитэ, медиаоскуола эдкора.