Федор Игнатьевич Борисов – А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын дириэктэрэ. “Кэскил” медиа оскуола юнкордара кинини көрсөн оскуола олоҕун, ситиһиитин¸ кыһалҕаларын туһунан кэпсэттибит.
– Федор Игнатьевич, кэпсэтиибитин бэйэҥ тускунан билиһиннэрииттэн саҕалыаххайыҥ.
– Мин манна, Хайахсыкка төрөөбүт, манна улааппыт киһи буолабын, 1984 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн баран бастаан пионер баһаатайынан үлэлии киирбитим. Ол сылдьаммын оҕону кытта үлэлиир үчүгэйин билэммин, учуутал идэтин бүтэрбитим. Онтон тэрийээччи педагогунан, иитэр үлэҕэ тэрийээччинэн үлэлээбитим. Онтон оскуола дириэктэринэн үлэлээбитим 20-чэ сыл буолла.
– Өр сылларга үлэлээбит салайааччы буоларгыт быһытытынан, оскуола дириэктэригэр сүрүн ирдэбил тугуй?
– Дириэктэр иннигэр турар саамай сүрүн ирдэбил – оҕо үөрэнэригэр, учуутал үлэлииригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Ол эбэтэр оскуола сылаас, сырдык , манна оҕо, учуутал, төрөппүт үөрэ-көтө кэлэр, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир буолуохтаах. 2022 сыллаахха саҥа таас оскуолаҕа киирбиппит. Бу иннинэ 1973 сыллаахха тутуллубут 120 миэстэлээх мас оскуолаҕа үөрэммиппит. Мас дьиэ буолан, өр сылларга сылааһынан хааччыллыбыт, үлэ усулуобуйатыгар сүрүн кыһалҕалары үөскэппитэ. Ити сүрүн боппуруоспут быһаарыллыбыта билигин үлэлии-хамсыы сылдьар коллектив биир улахан ситиһиитэ диэн көрөбүн.
– Федор Игнатьевич, оскуолабыт үөрэххэ хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгытый? Кэнники кэмҥэ туох ситиһиилээхпитий?
– Саҥа таас оскуолаҕа киириэхпититтэн үөрэхпит хаачыстыбата тубуспута. Холобур, быйылгы үөрэх дьылын бастакы аҥарын түмүгүнэн, үөрэхпит билиитэ 100%, хаачыстыбабыт – 62%. Аны саамай сүрүммүт диэн сааскы кэмҥэ оҕолор ОГЭ-ни, ЕГЭ-ни ситиһиилээхтик туттаралларыгар сыаллаан, үлэ күүскэ ыытыллар.
Үөрэхтээһин ситимигэр сыл аайы учебниктар уонна ирдэбиллэр уларыйан иһэллэр. Оскуолабыт бюджетыттан 150-200 тыһ. солк. харчыны көрөммүт, кинигэ издательстволарын кытта үлэлэлэһэммит күһүн үөрэх дьылын саҕана хас биирдии предмет аайы кинигэ көрүллэр. Төһө да оскуолабыт бюджета кыра буоллар, оскуолабыт сахалыы тыллаах хаһыаттарга сурутууну ыытар. «Сана Олох» улууспут хаһыатыгар, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата таһаарар хаһыатыгар, сурунаалларыгар суруттарабыт.
Биһиги оскуолабыт 84 үөрэнээччилээх. Аҕыйах ахсааннаах оскуолаларга киирсэр. Быйыл үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 800 орто оскуолалартан 100 бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэр. Үөрэнээччилэрбит спортивнай күрэхтэһиилэргэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, предметнэй олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар, миэстэлэһэллэр. Улуус оскуолаларын кытта тэҥҥэ баран иһэбит.
– Федор Игнатьевич, Эһиги санааҕытыгар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
– Урут даҕаны, билигин даҕаны дьиэ кэргэн судаарстыбыаннай суолталаах. Оскуола хайдах да дьиэ кэргэнэ, оҕото суох үлэлээбэт. Онон оҕо, дьиэ кэргэн оскуола сүрүн тирэҕэ буолар. Быйыл Арассыыйаҕа 2024 сыл Дьиэ кэргэн, онтон Саха сиригэр Оҕо саас, Чурапчы улууһугар Дьиэ кэргэн кыһатын сылларынан биллэриллибитэ. Итинэн да ылан көрдөххө, дьиэ кэргэни кытта үлэ бүгүҥҥү күҥҥэ саамай болҕомтобутун уурар, үлэбит сүрүн тутула буолар. Оскуолабытыгар итиннэ сөптөөх программа, былаан оҥоһуллан үлэ ыытылла турар. Ааспыт 2023 сылга Учуутал уонна настаабынньык сылын үөрүүлээхтик түмүктээн, Дьиэ кэргэн сылыгар үктэммиппит.
Оҕо сайдарыгар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар, оскуолабыт иһигэр сүрдээх элбэх дьаһаллар ыытыллаллар. Бу барыта оҕо билиитигэр-көрүүтүгэр, сайдыытыгар, үөрэхтээх, эппиэтинэстээх уонна үлэһит, киһи киһитэ буолан тахсарыгар көмлөһүөхтээх. Онон үлэ ис хоһоонугар болҕомтобутун ууруохтаахпыт.
Вадим КОЛЕСОВ, Светлана ЗАРОВНЯЕВА, Х кылаас,
Виктория БОРИСОВА, VIII кылаас, Хайахсыт, Чурапчы