Муус устар 25 күнүгэр ыытыллыбыт быһа эпииргэ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта кэпсэттэ. Бу бириэмэ устата тыһыынчаттан тахса ыйытыы киирдэ. Олох араас араҥатын хабан ыйыттылар. Онно барытыгар Ил Дархаммыт толору эппиэттэри биэрэ олордо, киһи истэн олорон киэн туттуу санаата киирэр, инникигэ эрэллээх нус-хас олоруохпут диэн санаа киирэр. Оҕолорго сыһыаннаах ыйытыылар эмиэ бааллар. Холобура, ЕГЭ иннинэ онлайн нөҥүө консультациялар тэриллиэхтэрэ, бу үөрэнээччи экзаменнарыгар үрдүк бааллары ыларыгар туһалыыр диэтэ. Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро оскуоланы бүтэриэхтэригэр дылы босхо аһыыр буолуохтара. Пушкинскай карта курдук Эдэр олохтоох картата киирдэҕинэ элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро бастакынан ылаллар. Саҥа оскуолалар салгыы тутуллуохтара. Элбэх оҕолоох ыалтан орто үөрэххэ рабочай идэҕэ туттарсар оҕоҕо үөрэҕи төлүүргэ 50 000 солкуобай суумалаах сэртипикээт туттарыллыа, бу оҕо үөрэнэн хамнастаах үлэни буларыгар туһалаах буолуоҕа.
Сандаара Поскачина,
«Дабаан» эдкора,
Тааһаҕар, Бүлүү