Быйыл Кыайыы 75 сылын бэлиэтиибит. Ыам ыйын 9 күнэ биһиэхэ барыбытыгар Улуу күнүнэн буолар. Биһиги эһэлэрбит, эбээлэрбит, чугас дьоммут дойдуларын иһин, биһиги көҥүл олохпут иһин бэйэлэрин олохторун толук уурбуттарын, элбэх киһи аччыктаан, тоҥон өлбүттэрин туһунан куруутун өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт.
Урут бу бэлиэ, ытык бырааһынньыкка дьон бэйэ -бэйэтиригэр аккырыыкканы ыытыһаллара, эҕэрдэлэһэллэрэ. Маннык улахан суолталаах күҥҥэ эҕэрдэни тутар күндү буолар. Аныгы үйэҕэ почтанан аккырыыкка ыытыһар үгэс сүттэ. Интернет үөскүүрүн кытта суруктар, аккырыыккалар кэлбэт буоллулар. Ону кытта эҕэрдэ аккырыыкка умнууга хаалла. Оттон, дьиҥэр, аккырыыккалар олус элбэҕи кэпсииллэр ээ. Ол иһин мин «75 сыл — 75 аккырыыкка» диэн ааттаах ааксыйаны толкуйдаатым. Үлэм сыала: Кэнчээри ыччат Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэмэтин, историяны сэҥээрэллэрин ситиһии.
Ол сыалбын ситиһээри маннык соруктары туруоруннум:
- Эйэлээх олоҕу аҕалбыт буойуттары, тыыл үлэһиттэрин, сэрии кэмин оҕолорун сырдык ааттарын үйэтитии, эйэлээх олоҕу түстэспит аҕа көлүөнэҕэ ытыктабылы үөскэтии.
- Кыайыы күнүн аккырыыккаларын хомуйуу, быыстапканы тэрийии, олохтоох нэһилиэк мусуойугар туттарыы.
- Төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, дойдуларыгар бэриниилээх патриоттары иитии.
Аан бастаан кылааһым оҕолоругар иһитиннэрэн, бастакы аккырыыккаларбын хомуйдум. Маныаха анаан постер таһаардым. Билигин 40 аккырыыккалаахпын. Саамай урукку 1963 сыллааҕы буолар. Хомуйа сылдьан, маннык чинчийиилэри оҥордум: сэрии бүппүтүн кэннэ бастакы аккырыыыккалар Волгоградка баар Мамаев кургаҥҥа турар «Родина — мать“ пааматынньык ойуулаах тахсыбыттар. Сэрии бүппүтэ 30 сыл буолан баран, Берлин куоракка Трептов пааркаҕа турар босхолооччу буойуҥҥа анаммыт монумент-паамытынньык ойуулаах аккырыыыккалар баар буолбуттар. Онтон салгыы ойууга үс муннуктаах саллааттар суруктарын, уордьаннары, мэтээллэри, знамялары, георгиевскай лиэнтэни эбэр буолбуттар. Ону таһынан, кыһыл өҥнөөх гвоздика сибэкки, эйэ холууптара уонна дьэрэкээн салюттар эмиэ ойууланар буолбуттара. Кэнники кэмнээҕи аккырыыккалар чаҕылхай өҥнөөхтөр уонна көмпүүтэргэ ойууламмыт буолан, үрдүк хаачыстыбалаахтар. Өссө билигин үрүҥ-хара өҥнөөх саллааттар дьиҥнээхтии сэриилэһэ сылдьалларын курдук аккырыыккалар киһи болҕомтотун тардаллар.
Кыайыы күнүн көрсө 75 открытканы мунньан, оскуолам үөрэнээччилэригэр кылаас чааһын ыытар уонна нэһилиэгим олохтоохторугар быыстапканы тэрийэр былааннаахпын. Мунньубут аккырыыккаларбын ким киэнэ буоларын ыйан туран, мусуойга туттаран, үйэтитиэм. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум миигин өйөөн эбэлэрин, эһэлэрин, чугас дьоннорун аккырыыккаларын хомуйа сылдьалларыттан олус үөрэбин уонна махтанабын.
Ааптар: Милена Ноговицына, 9 кылаас, «Эдэр кэрэспэдьиэн» пост.
Өлөөкө-Күөл, Орто Халыма.
РЕДАКЦИЯТТАН: Күндү ааҕааччылар! Милена ааксыйатыгар кыттыаххытын баҕарар буоллаххытына, аккырыыккаларгытын маннык аадырыска ыытыҥ: 678782 Среднеколымский улус, с.Алеко—Кель, ул.Созонова 37, Ноговицыной Милене.