«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” фестиваль чэрчитинэн Орто Халыма Өлөөкө-Күөлүн оскуолатыгар араас тэрээһиннэр буоллулар. Нарыяна Винокурова уонна Айсулу Ноговицына Саҥа дьыллааҕы харыйалары хайыы-үйэ туруорбуттарын туһунан суруйдулар.
Өлөөкө Күөл оҕолоро Дьэгэ-Баабаттан куттамматтар!
Аптаах-алыптаах ахсынньы ыйбыт бастакы күнүгэр, өрөбүл киэһэтигэр нэһилиэк кулуубугар муһуннубут. Бу киэһэ туох буоларый? Оҕолор тугу күүтэллэрий? Биллэн туран, Саҥа дьыллааҕы харыйа уота тырымныы умайарын!Көрүҥ эрэ, харыйаны ааһан эрэр сыл бэлиэтэ сибиинньэ, көрдөөх клоун араас өҥнөөх уотунан киэргэтээри бэлэмнэнэ сылдьаллара. Ол эрээри Дьэгэ-Бааба кэлэн «аптаах палочканы» кистээн кэбистэ. Дьэ, кыһыы!
Ол эрээри Өлөөкө Күөл оҕолоро Дьэгэ-Баабаттан куттаныахтара дуо?! Бэйэлэрэ хара тыаны кэрийэн, бултуур-алтыыр оҕолор буоллахтара! Онон араас сорудахтары толорон, хоһоон ааҕан, ырыа ыллаан, үҥкүүлээн, туох баар талааннарын көрдөрөн, куһаҕан тыыны кыайдылар! Түмүгэр Тымныы Оҕонньорбутун үөрэ-көтө көрсөн, харыйабыт уотун уматтыбыт, минньигэс кэмпиэт кэһиитин амсайдыбыт. Оттон Дьэгэ-Бааба? Бырастыы гыннахпыт дии, кини да Саҥа дьылга бэлэх ылыан баҕарара буолуо дии…
Нарыяна Винокурова.
Куруппааскы түүтүттэн харыйачаан
Кыыдааннаах кыһыммытын көрсө, «Күөрэгэй» КЭК тэрийиитинэн оскуола оҕолоругар «Дьикти харыйачаан» куонкурус буолла. Манна оҕолор араас матырыйаалтан киһи көрө сөҕүөх курдук ураты, бииртэн биир хатыламмат харыйачааннары оҥорбуттар. Быраҕан кэбиһэр, туттубат матырыйаалларбытыттан уустаан-ураннаан оҥорбуттар ээ, доҕоор! Холобур, сымыыт угар ячейкаттан, куруппааскы түүтүттэн, тимир боробулуохаттан, быласымаас бытыылкаттан о.д.а.
Куонкурус кыайыылааҕынан 11 кылаас үөрэнээччитэ Дьулуур Сухомясов куруппааскы түүтүттэн оҥорбут муус-маҥан харыйата буолла. Иккис 4 кылаас үөрэнээччитэ Ксюша Сухомясова Саҥа дьыллааҕы киэргэллэринэн оҥорбут харыйачаана буолла. Оттон үһүс миэстэни эмиэ 4 кылаас үөрэнээччитэ Роксана Ефимова сымыыт угар ячейкаттан оҥорбут кэмпиэт симэхтээх харыйата ылла. Кыайыылаахтарга грамота уонна сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Онон аналынан туһаныллан бүппүт малтан бэртээхэй оҥоһуктары оҥоруохха сөп эбит, оҕолоор!
Айсулу Ноговицына.