Күүтүүлээх самаан сайыммыт кэллэ. Күммүт киирбэт, тулам барыта күп күөҕүнэн симэнэр кэрэ кэмэ. Биһиги Орто Халымаҕа уһук хоту эргимтэҕэ олорор буолан, сайыммыт ордук кылгас. Ону ол диэбэккэ, былдьаһыктаах күннэри, төһө кыалларынан, туһалаахтык атаара сатыыбыт. Ким оттуур, ким сир астыыр, ким оҕуруот олордон бүөбэйдиир, онтон да атын дьарык ханна барыай?
Урут биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит кэпсээннэриттэн иһиттэххэ, сайын бырдаҕа олус сүрдээх буолара үһү. Бэл диэтэр, улахан сүөһү түптэ аттыгар сыппытынан бырдахха тумнастан өлөрө. Аҕыйах кэмтэн бэттэх биһиги сайыммыт уларыйан, бырдаҕа наһаа оннук хойуута суох сайыннар буолаллара. Оттон быйыл, дьэ, өтөрүнэн буолбатах хойуу бырдахтаах сайын буолан биэрдэ.
Онон сүөһүгэ, ыраах учаастакка баар дьоҥҥо улахан кыһалҕалары үөскэттэ. Былыр наар түптэ оттон, сиитэ (накомарник) кэтэн, бырдахтан быыһаналлара, оттон билигин араас эмтэринэн соттон, ыстан, буруолатан, көмүскэнэбит.
Төһө да оннук уустуктардаах буоллар, дойдубун наһаа таптыыбын. Кылгас сайыммыт кэтэһиилээх күннэрин хас биирдиитин умнуллубат үтүөтүк атаарарга кыһаллабыт.
Сааскылаана Бубякина, V кылаас.
Өлөөкө- Күөл,Орто Халыма.