Төрөөбүт, улааппыт Ороһу оскуолатыгар үөрэммит саха, нуучча тылын оҕолорго үөрэтэр учуутал идэтин ылбыт, кэлин суруналыыс идэтин баһылаан үлэлээбит, үлэлиир дьоннорбутун билиһиннэрэбит.
Серафим Пудович Саввинов Сунтаарга «Ньургуһун» айар дьоҕурдаахтар түмсүүлэрин тэрийбитэ, «Ильич уоттара» оройуоннааҕы хаһыат култуураҕа отделын үлэһитэ. 1975 с. Анаабыр оройуонугар «Кыһыл сулус» хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.
Гаврил Маркович Егоров «Эдэр коммунист», «Сахаада» хаһыаттар суруналыыһа. 1995 с. Дьокуускай куорат дьаһалтата «Туймаада» хаһыаты тэрийэн, Гаврил Марковиһы кылаабынай эрэдээктэринэн анаан үлэлэппитэ.
Капитон Фёдорович Гольдеров Российскай Федерация суруналыыстарын Союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Анаабыр улууһун Бочуоттаах олохтооҕо этэ.
Василий Тарасович Иванов Российскай Федерация суруналыыстарын Союһун чилиэнэ, «Знание» уопсастыба солбуллубат лектора.
Иван Еремеевич Иванов-Уйбаан Ороһуунускай Российскай Федерация суруналыыстарын Союһун чилиэнэ. Гуннара Ивановна Ороһуунускайа Российскай Федерация суруналыыстарын Союһун чилиэнэ.
Майя Николаевна Власьева Саха араадьыйатын «Чаҕыл» биэрии эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.
Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков аатынан бириэмийэ лауреата, «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэ хаһаайына. Билигин Олоҥхо тыйаатырыгар сценариһынан үлэлиир. Геннадий Петрович Бечеряков Российскай Федерация суруналыыстарын чилиэнэ. «Саха сирэ» хаһыат «Дьулурхан» сыһыарыытыгар суруналыыһынан үлэлээбитэ. Билигин «Аар Тайҕа» хаһыат эрэдээктэрэ.
Суруналыыс эппиэттээх уонна бочуоттаах үлэ.
Семёнова Ксения, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.