Алтынньы 29 күнүгэр Ороһу нэһилиэгэр этнопедагог К. С. Чиряев аатынан Норуот педагогикатын түмэлигэр Хотугу норуоттар генеалогияларын уонна этнологияларын чинчийэр институт, Ороһу нэһилиэгин администрациятын, оскуола, Норуот педагогикатын түмэлин, И.Е. Иванов-Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека көҕүлээһиннэринэн, «Төрүттэр суолларынан» ааҕыы буолан ааста.
Сүрүн сыала: төрүччүгэ болҕомтонуу үөскэтии, дьиэ кэргэн, үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыаны иитии, ытыктыыр дьоммутун үйэтитиигэ уонна төрүт дьарыктары тилиннэриигэ Ороһу олохтоохторо көхтөөхтүк кытталларын ситиһии.
Ааҕыыны дьүүллээтилэр: түмэл дириэктэрэ Раиса Алексеевна Васильева, нэһилиэк баһылыга Анатолий Васильевич Антонов, оскуола учуутала Айыына Дмитриевна Егорова, улуустааҕы үөрэх салалтатыттан Калиста Васильевна Борисова, Бурхалей Степанович Макаров.
Мин ийэбинэн хос эһэм, Петров Петр Филиппович, төрүччүтүн кэпсээтим. Аймахтарбын үөрэттим,биллим. Ийэбин кытта төрүччүбүтүн салгыы чинчийэр былааннаахпыт. Виктор Капитонович Котоконов дьиэ кэргэнин анал бирииһин, 3000 солкуобайы, ыллым. Ону таһынан, бириистэрин Владик Таныков — «Төлкөбүн түстээбит төрүт дьонум», Милан Павлов — » Хос эһэм кэриэс мала» Милан Павлов дакылааттарынан ыллылар.
Василий Семёнович Борисов аатынан оҕолоро туруорбут 2000 анал бириистэрин Антон Иванов — «Үөскээбит өбүгэлэрим, айыллыбыт төрүттэрим», Родион Ильин — «Удьуор утума» үлэлэринэн ыллылар.
Улахан дьоҥҥо анал бириистэр ананнылар. И. Е. Иванов — Ороһуунускай дьиэ кэргэнэ туруорбут анал бириистэрин Г. К. Котоконова, М. Н. Павлова, Т. Г. Кысылбаикова туттулар. Г. Р. Кардашевскай бириистэрэ М. К. Кармановаҕа, Л. П. Кондаковаҕа, И. В. Котоконовка туттарылыннылар. Олохтоох библиотека бирииһин С. Н. Васильева, А. А. Иванова, Н. М. Котоконов, оттон М. К. Котоконов дьиэ кэргэнин анал бирииһэ, 10000 солкуобай, У. Ф. Гольдероваҕа, » Офсет» (Скобелева Д.Н.) 10000 солкуобайдаах бирииһэ Н. А. Кривошапкинаҕа тигистилэр.
Ити курдук,»Төрүттэр суолларынан» ааҕыы сыалын ситтэ, кыайыылаахтар ааттара ааттанна!
Юлия Кондакова, 6 кылаас үөрэнээччитэ