Уһуйааҥҥа Байанай ыйыгар аналлаах тэрээһини ыыттылар. Тэрээһин сыала: Байанай ыйын туһунан билиилэрин хаҥатыы-чиҥэтии өбүгэ үтүө үгэһигэр,булчукка убаастабылы,айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитии.
Иитээччи Валентина Васильевна Данилова оҕолортон ыйытар: «Байанай диэн кимий?»
Байанай-ойуур иччитэ, булт таҥарата. Байанай киһилии майгылаах, үөрүнньэҥ, оҕо курдук оонньуулаах-омуннаах. Ол эрээри, хомойуон, өһүргэниэн сөп. Кини ойуур кыылларын, көтөрдөрүн харыстыыр. Ойуурга үчүгэйи санаабат, кыыллары, көтөрдөрү харыстаабакка суох гынар киһи кэллэҕинэ, Байанай кыылларын, көтөрдөрүн күрэтэр, саһыарар эбит. Ол иһин, ойуур кыыллара, көтөрдөрө Байанайга эрэнэллэр эбит. Бэйэлэрин Байанай оҕолоробут дэнэллэр эбит.
Иитээччи Саргылаана Тимофеевна Дордосова ыйытар: «Булчут диэн кимий? Булчут булугас- талыгас, мындыр өйдөөх, аһыныгас, көмүскэс, үтүө майгылаах киһи. Сэтинньи ыйга булчут ыраах тыаҕа бултуу барар. Кини оту-маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам диэн андаҕар этэн баран бултуур идэлээх. Саха булчута өбүгэ саҕаттан бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, таҥыннарар.
Быраабылалар
Көтөр уйатын көрдөххүтүнэ тыыппат, алдьаппат буолуҥ. Маһы алдьаппакка сылдьыахтааххын, оччоҕо Дойду илдьитэ-Аан Алахчын үөрэр. Ууга кири- бөҕү быраҕар көҥүллэммэт.
Аар тайҕабытын, тулалыыр айылҕабыт кыылларын, көтөрдөрүн аһынар, харыстыыр буола улаатаарыҥ! Оччоҕо көтөр — сүүрэр элбиэ. Баай Байанай араас булдунан күндүлүө!
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу