Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салаата 2019-20 үөрэх сылын Норуот педагогикатын сылынан биллэрбитэ. Ороһу оскуолатын «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө, алын кылаас учууталлара «Дьиэ кэргэн тыйаатыра» диэн остуоруйа күрэҕин куйаар ситиминэн ыыппыттарын туһунан Айна Тарасова суруйар.
Норуот айымньыта кэрэтинэн, тылын баайынан оҕону кэрэхсэтэр.
Төрөппүттэр остуоруйа иитэр-үөрэтэр, толкуйдатар өрүтэ улаханын табатык өйдөөн, оҕо ону этигэр-хааныгар иҥэринэрин, айар дьоҕурун сайыннарарын өйдөөн, дьиэ кэргэнинэн остуоруйа туруоруутугар күрэхтэстилэр.
Дьиэ кэргэн талан ылан туруорбут остуоруйалара төрөппүт, оҕо баҕаларынан дьоҕурдарынан, талааннарыгар олоҕуран туруоруллубут буолан, дьүүллүүр сүбэни кэрэхсэттэ да, сөхтөрдө, үөртэ да.
Күрэх балаһыанньатынан дьиэ кэргэн бары кыттыыта, остуоруйа ис хоһоонун арыйыыта, таҥас-сап, атрибут, оруолларын сөпкө аттарыы, саҥалара-иҥэрэрэ көрүллүбүтэ.
Онон 1 миэстэни Кардашевскайдар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Иккис Ильиннэр,үһүс Ивановтар, Кириллиннэр дьиэ кэргэттэрэ буоллулар.
Анал ааттар: «Остуоруйа олох курдук-олох остуоруйа курдук» — Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ, «Мин таптыыр остуоруйам»-Михайловтар дьиэ кэргэттэрэ.