Улахан да дьон, оҕолор да сөбүлээн истэр ырыаһыппыт, ордук патриотическай тыыннаах ырыалары ыллыыр, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар Кэскил Баишев Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытары көрүстэ.
Кини Нам улууһугар Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүт уонна улааппыт. Кэскил Баишев этнопедагог, Ороһуга норуот педагогикатын мусуойун төрүттээбит Константин Спиридонович Чиряев сиэнэ.
Оскуолаҕа ортотутук үөрэммит. Уруһуйдуурун туохтааҕар да ордорор эбит. Оскуола бастыҥ актыбыыһа буолан Улуу Кытай судаарыстыбатыгар күүлэйдээн кэлбит. Бу сырыытыттан элбэҕи көрөн-истэн, билэн-көрөн кэлэн, кэрэни кэрэхсиир дьоҕура арыллыбыт. Уһуйаан сааһыгар ыллыы сылдьыбыт. Оскуолаҕа тохсус кылаастан ырыа абылаҥар ылларан, күн бүгүҥҥү диэри ырыаны аргыс оҥостон ыллыыр, отуттан тахса ырыалаах эбит.
Төрөппүттэрэ оскуола сааһыттан үлэ үөрүйэхтэригэр сыһыаран, хотон тас үлэтин кыайа-хото тутан оскуоланы бүтэриэр дылы илиитин араарбакка үлэлээбит. Бэйэ үлэлээн, харчы булунар туохтааҕар да күндү диэн эттэ. Кини аан маҥнай оҕо сылдьан 5 солуур отону атыылаан 1000 солк. киллэрбитинэн, спортивнай көстүүм атыылаһан өр кэппитин аҕынна.
Билигин Кэскил Баишев фрилансер, бэйэтэ бэйэтигэр үлэлэнэн, харчы аахсар. Көрсүһүүгэ кэлбит оҕолорго кини маннык сүбэлэри биэрдэ:
оҕо сааскытыттан төрөппүттэргитигэр көмөлөһүҥ, окко, хотоҥҥо сыстан үлэлээҥ;
-спордунан күүскэ дьарыктаныҥ;
-уруок таһынан, эбии дьарыкка сылдьан, талааҥҥытын арыйыҥ;
-бэйээттэр хоһооннорун элбэхтик ааҕыҥ;
-хоһоон уонна ырыа биир ситимнээхтэрин өйдүү үөрэниҥ;
-сахалыы тылынан бэйэ-бэйэҕитин кытта аһаҕастык кэпсэтиҥ;
-араас таһымнаах лааҕырдарга сылдьан, билиигитин-көрүүгүтүн кэҥэтиҥ.
Ороһуга хаһан эрэ анаан-минээн кэнсиэртиэх буолан тылын биэрэн көрсүһүүнү түмүктээтэ.
Алина Яковлева, Ванесса Прокопьева, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.