Ороһооспо күн, Ороһуга, Д.Е. Иванов артыыс Миитэрэй аатынан олохтоох тыйаатыр «Чэмэликээн эмээхсин уонна Алаа Моҕус» диэн остуоруйаны туруордулар.
Чэмэликээн эмээхсин — М.В. Няникова, Алаа Моҕус — П.Р. Романов, Алаа Моҕус кэргэнэ 1 Е.А. Туралысова, Чэмэликээн уонна Алаа Моҕус оҕолорун — М.Н. Ильина, С.К. Васильева, А. Руфов оонньооннор көрөөччүлэргэ бэртээхэй остуоруйаны бэлэхтээтилэр.
Остуоруйа ис хоһоонун А.С. Ласточкина кэпсээтэ: «Чэмэликээн эмээхсин үс оҕотунаан быр-бааччы олордохторуна, эмискэ Алаа Моҕус киирэн үс оҕотун уонна халлааҥҥа тиийэр оҕуһун сиэн кэбиһэр. Чэмэликээни кэргэнигэр уонна оҕолоругар кэһии гынан суумҥа уган илдьэ барар. Кэһиитин илдьэн иһэн, сылайан утуйан хаалар. Ол түгэни туһанан, Чэмэликээн сумтан тахсар уонна сумҥа чууккалары уган кэбиһэр. Алаа Моҕус дьиэтигэр кэлэн кэргэнигэр кэһиитин таһырдьа хаалларбытын этэр. Кэргэнэ хаһыытаабытынан киирэн, сумҥа чууккалар эрэ баалларын этэр. Онуоха Алаа Моҕус тахсан көрбүтэ кэһиитэ, Чэмэликээн, эмээхсинэ суох эбит. Абаран, эмээхсин балаҕаныгар кэлэр уонна ханна саһа сытарын ыйытар. Онуоха эмээхсин балаҕан кэннигэр туран ханна баарын этэр. Алаа Моҕус эмээхсин ииппит айатыгар иһин хайа түһэн өлөн хаалар. Иһиттэн үс оҕото тахсан кэлэллэр. Өлөөрү сытан Алаа Моҕус кэриэһин эппитин толорон, илиитин эрдии, көхсүн тыы, төбөтүн солуур, хараҕын чааскы, сототун угуоҕун балаҕан өһүөтэ гыммыттар. Ити курдук Алаа Моҕустан куттаммакка, Чэмэликээн эмээхсин үс оҕолорун кытта быр-бааччы олорбуттарын курдук олорбуттар».
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу.