Биир үтүө сарсыарда «ватсабынан» оскуолаҕа уон сыл бииргэ үөрэммит, оскуола кэнниттэн сопхуоска бииргэ ыанньыксыттаабыт күндүтүк саныыр, ытыктыыр киһим Анастасия Федоровна Жиркова «орленоктар мустан эрэллэр эбит, эн эмиэ киирэн көр, кыттыс» диэн суруктаан ссылка ыыппыт. Ол ссылканан киирэн анкета толордум уонна номнуо 200-тэн тахса киһилээх бөлөххө баар буола түстүм. Ол күнтэн ылата телефон бокуойа суох тырылаан олорор.
Өссө эбиитин «Орленокка» сылдьыбыттар дружиналарынан арахсан эмиэ туспа бөлөхтөрү арыйбыттар. Мин тута бэйэм «Комсомольскай» дружинабын булан киирэн хааллым. Аҕыйахта тыл бырахсан кэпсэтэн көрдүм уонна иллэҥсийдим да киирэн дьон ахтыыларын ааҕабын, хаартыскалары көрөбүн, орлятскай ырыалары истэбин. Эриэккэс үчүгэй!
Ааспыт дьыллар-хонуктар өйдөбүллэрин дууһаҥ түгэҕиттэн ороон таһааран сөргүтэн көрүү долгутуулаах уонна элбэҕи эргитэ санатар, толкуйдатар дьайыылааҕын бары да бэркэ билэбит. Онтон бу 40-50 сыл анараа өттүгэр сылдьыбыт «Орленокпытыгар» сыһыаммыт истиҥэ уостубатаҕын, уйулҕаны таарыйар, ыҥырар, угуйар күүһэ билигин да сойо илигин эппитинэн-хааммытынан билэн сөҕүөхпүтүн сөхтүбүт. Ону ити «ватсап» бөлөххө орленоктор утаппыттыы ол кэмнэрбитин санаһарбытыттан, туох эрэ дьиҥнээх, сүрэхпитигэр иҥэринэн сылдьар истиҥ иэйиибитин көрдүүр, була сатыыр курдук турукка киирбиппититтэн арылхайдык көрөбүн.
Онон ити биир үтүө күн ким эрэ үтүө санаатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Орленок» лааҕырга сылдьыбыттар сомоҕолоһон эрэллэрэ кэскиллээх саҕалааһын буолуон сөп.
Биһиги 4 бииргэ төрөөбүттэр бука бары бу лааҕырга сылдьан айымньылаах олох, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйии, көмөлөсүһүү, өйдөһүү, көҥүл санаа оскуолатын ааспыппыт олохпут тухары илдьэ сылдьар компаспыт, өйбүт-санаабыт сорҕото буолар.
Онон бу лааҕыр биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ыраас уонна ытык өйдөбүл. «Орленок» бэйэтэ туспа мындыр иитэр-такайар ньымалардаах кыһа буоларын бары онно сылдьыбыттар билэбит, тылынан кыайан ыпсаран кэпсээбэтэрбит да, эппитигэр-хааммытыгар, санаабытыгар өрүү баар.
Икки улахан эдьиийдэрим Паша, Эдилия Готовцевалар Дүпсүн орто оскуолатын туйгун үөрэнээччилэрин, общественнай үлэ-хамнас инники күөнүгэр сылдьар лидердар быһыытынан 1970-1975 сс. «Бэлэм буол» хаһыат «Володя Ульянов дневнигэр» икки төгүл киллэриллибиттэрин иһин 1975 с. «Орленокка» баран сынньанар путевканан наҕараадалаабыттара.
Эдьиийдэрбит «Орленоктан» бииртэн биир үчүгэй ырыалары, оонньуулары аҕалан оскуолаларыгар тарҕаппыттара. Итиэннэ, айар үлэни тэрийиигэ, оскуола общественнай тэрээһиннэригэр саҥа сүүрээнэри киллэрбит буолуохтаахтар диэн курдаттыы сэрэйэбин. Паша Готовцева студенныыр сылларыттан саҕалаан Дүпсүҥҥэ сайыҥҥы үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн ситиһиилээхтик үлэлэтэрэ. Лааҕырбыт эмиэ «Орленок» диэн ааттааҕа, үгэстэрбит, ырыаларбыт эмиэ үксэ орлятскайдар этэ диэн бигэтик бэлиэтиэм этэ. Паша «Орленок» коммунарскай традицияларын, иитэр ньымаларын педагог быһыытынан дириҥник өйдөөн ситиһиилээхтик үлэтигэр туһаммыт эбит диэн сыаналыыбын.
Паша, Эдилия Готовцевалар «Орленок» «Солнечнай» дружинатыгар. 1975 с.
Үһүс эдьиийим Жанна Пономарева оройуоҥҥа, зонаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтэ бастаабыт «Зорянка» агитбиригээдэ активнай чилиэнин быһыытынан «Орленок» лааҕырга иккитэ (1980 уонна 1982 сылларга) сылдьан Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕолор уус-уран самодеятельностарын фестивалларыгар кыттыбыта.
Жанна Пономарева «Орленок» «Комсомольскай» дружинатыгар. 1980 с.
«Орленок» уратыта туохханый? Тоҕо манна сылдьыбыт кэммит өйдөбүлэ бириэмэни билиммэккэ сылааһынан илгийэрий? Мин санаабар, «Орленок» ыччаты ис кыаҕын арыйан көрдөрөн, бэйэтигэр эрэллээх буоларга үөрэтэр уонна кини олоҕун суолун хорсуннук тэлэн дьолун буларыгар тиэрдэр. Ону таһынан «Орленок» баһаатайдара биһигини өбүгэлэрбит иитиэхтээн илдьэ кэлбит суобаспытын түһэн биэрбэккэ, тулхадыйбат сиэр-майгы каноннарын тутуһан олох олорон дьоһун сааһы толору дьоллоох көрсүүгэ сирдиир диэн санаа үөскүүр.
Дэлэҕэ Россия улуу гражданнара, «Орленок» гимнэ буолбут «Звездопад» ырыа ааптардара композитор Александра Пахмутова уонна поэт Николай Добронравов: «Орленок» баараҕай, эр санаалаах, чиэһинэй, дириҥ толкуйдаах дьон иитиллэн, уһаарыллан тахсалларыгар үлэлэһэр кыһа. «Орленоктан» суобастаах дьон иитиллэн тахсаллар. Бэл, ардыгар, биһиэхэ, бу «Орленок» ыччаты кэнэҕэскитин ытык Ийэ дойдуларын дьылҕатын илиилэригэр ыларга психологическай өттүнэн бэлэмниир эбит диэн санаа охсуллан ааһар. «Орленок» баһаатайдара аан дойдуга киһи туһугар охсуһуу саамай инники күөнүгэр сылдьыбыттара», — диэн этиэхтэрэ дуо.
Түгэнинэн туһанан «Кэскил» хаһыат эрэдээксийэтин, ону тэҥэ ытыктыыр пионер баһаатайдарбытын Анна Прокопьевна Бурнашеваны, Раиса Ильнична Васильеваны, Надежда Петровна Сыроватскаяны, пионер дьиэтин салайааччытын Голикова Клавдия Васильевнаны Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
Уус-Алдан оройуонун И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатыгар 1972-1973 үөрэх сылыгар пионер баһаатай Анна Прокопьевна Бурнашева көҕүлээһининэн искусствоны таптааччылар «Октава» диэн кулууптара тэриллэн киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыта.
Бары ытыктыыр, таптыыр пионер баһаатайбыт Анна Прокопьевна Бурнашева Дүпсүн орто оскуолатын пионерскай актыыбын кытта.
Бу кулуупка наставник быһыытынан уопуттаах учуутал, биһиги ийэбит Вера Иннокентьевна Готовцева сылдьыбыта. «Октава» кулууп иһинэн кукольнай театр (салайааччылар М.К. Фомина, А.П. Бурнашева), үҥкүү куруһуога (салайааччылар М.Г. Копырина, В.Г. Дмитриев), уруһуй куруһуога (салайааччы П.А. Федорова), хоровой уонна сольнай ырыа куруһуога (салайааччы Е.И. Егорова) үлэлээбиттэрэ. Бастакы сылыгар кулууп 150 оҕону хабан үлэлээбитэ.
«Октава» кулууп, «Зорянка» агитбиригээдэ наставниктара, СР үөрэҕириитин туйгуна, алын сүһүөх учуутала Вера Иннокентьевна Готовцева.
«Зорянка» агитбиригээдэ солбуллубат салайааччыта, РСФСР үөрэхтээһинин туйгуна, музыка учуутала, краевед-общественник Евдокия Ивановна Егорова.
«Зорянка» агитбиригээдэ музыкальнай салайааччыта, наставнига, СР үөрэҕириитин туйгуна Семен Николаевич Алексеев.
«Зорянка» агитбиригээдэ активнай кыттыылааҕа, сценариһа, салайааччыта Парасковья Эдуардовна Иванова СР үөрэҕириитин туйгуна
Сотору кэминэн кулууп иһинэн агитационнай биригээдэ үлэлээн барбыта. Агитбиригээдэни талааннаах ырыа учуутала Евдокия Ивановна Егорова салайан үлэлэппитэ. 1975 сыллаахха агитбригада «Зорянка» (Задор, Организованность, Работа, Яркая, Нужны, Каждой, Агитбригаде) диэн сүрэхтэммитэ. Сылтан сыл оҕолор ыллыыр, хоһоону ааҕар, сценаҕа туттар-хаптар дьоҕурдара сайдан испитэ. «Зорянка» агитбиригээдэ оройуоннааҕы көрүү 7 төгүллээх, зонанан көрүү 5 төгүллээх, республикатааҕы көрүү 3 төгүллээх кыайыылааҕынан тахсары ситиспитэ.
«Зорянка» агитбиригээдэ кыайыылаах-хотуулаах бастакы көлүөнэ састааба
Матырыйаалы бэлэмнээтэ
Эдуард Пономарев,
СР культуратын туйгуна, тылбаасчыт, кинигэ таһаарааччы.
Матырыйаал иккис чааһын ааҕыҥ Орленок сырдык өйдөбүлүн тула 2 чааһа
Источник: keskil14.ru