Мин, Яковлева Туйаара, Аллыҥа оскуолатын туйгун үөрэнээччитэ, этэрээт Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1983 с. ыам ыйыгар Бүтүн Сойуустааҕы «Орленок» оҕо пионерскай лааҕырыгар сынньана барар үрдүк чиэскэ тиксибитим.
Сунтаар оройуонуттан үһүө этибит. Сунтаар 2-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Степа Спиридонов уонна Күндэйэттэн барбыт уол аатын өйдөөбөппүн. Дьокуускай куоракка түһэр ыала суох буоламмын Обком дьиэтигэр тирии хахтаах дьыбааҥҥа хонон туран баран, сарсыарда ааттаах эрдэ аэропортка киирэн көтөр аалга олорон соҕуруу көттүбүт.
Аатырбыт «Орленок» лааҕырга тиийэн «Звездная» диэн дружинаҕа түбэстим. Араас дойду оҕолоро түмсүбүт сирдэрэ эбит. Тиийээппитин кытта барыбытын баанньыкка илтилэр. Ыйааһыҥҥа туруоран, уҥуохпут үрдүгүн кээмэйдээтилэр. Суунан-тараанан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, лааҕырбыт форматын кэтэн чыҥха атын дьон буола түстүбүт. Ол күн билсиһии киэһэтигэр, арай, биһиги көрдөхпүтүнэ, Алла Пугачева “Арлекино” ырыатын ыллаата. Кэнсиэр кэннэ, аны ырыаһыппыт Алла диэн биһиги этэрээппит баһаатайа буолан соһутта. Уопсай сүбэнэн этэрээппит аата «Ритм» диэн буолла.
«Пусть слышится в ритме ХХ века биение наших сердец!» диэн девиз таллыбыт.
Дьиэбиттэн, дойдубуттан хаһан да ыраах тэлэһийбэтэх оҕо бастаан утаа тэһийиэ суох курдук буоллум, ытыах санаам кэлэр, муммут кус оҕотун курдук сананным. Хата, мин дьолбор, Саха сириттэн барбыт миигиттэн улахан кылаас кыргыттара кэлэн көрсөн, кэпсэтэн, бүөбэйдээн, баттахпын өрөн бараллара. Аны, санаатахпына, саха оҕото айылҕатынан аһыныгас буолан, кыра-хара кыысчааны аһына көрбүттэрэ буолуо. Клубника хомууруттан миэхэ анаан кэһии аҕалбыттарыгар үөрдүм да этэ. Никифорова Римма диэн Уус Алдан Кэптэни кыыһын өйдүүбүн.
Ити курдук, син аралдьыйан үөрэнэн бардым. Үҥкүүһүттэр этэрээттэригэр түбэстим. «Мой лохматый серый песик… Б-И-Н-Г-О звать его» диэн билсиһии оонньуутугар чох хара харахтаах уол кэлэн: «Привет, тебя же зовут Туяра? Я-Пашка из Кысыл Сыыра Вилюйска», — диэбитигэр үөрдүм аҕай. «Танец маленьких утят», «Старый добрый жук», «Эльбрус», «Антошка» диэн ырыаларынан үҥкүүлээн тэйэбит. Полька, краковяк, вальс, сиртаки диэн үҥкүү арааһын онно билбитим. Ийэм Христина Николаевна Николаева кулууп дириэктэрэ, аҕам норуот ырыаһыта, оһуокайдьыт Яковлев С.Я.-Ырыа Ыстапаан буоланнар айар эйгэҕэ улааппытым туһалаабыта.
Дружина үрдүнэн, күн аайы тэрээһин арааһа ыытыллар. Сарсыарда муусука доҕуһуоллаах сэрээккэлиибит. Хас биирдии оҕо бэйэтин интэриэһинэн эбии дьарыкка суруйтарар. Барабанщиктар куруһуоктарыгар дьарыктанан барабааны бэркэ охсорго үөрэнним. Аны, «Пресс-киин» диэни интэриэһиргээн, ыстатыйа, эссе, фельетон суруйарга, интервью ыларга үөрэнэн, журналист диэн идэ баар эбит диэн саҥаны билэн сайынным. Нуучча тылыгар Аллыҥам оскуолатын учууталлара З.Н. Буркина, Л.П. Семенова, В.Г. Наумова, Р.И. Исаева үчүгэйдик үөрэппиттэрэ бэркэ туһалаата, кимтэн да хаалсыбакка тэҥҥэ кэпсэтэбин, наадабын син быһаарсабын. Белекма диэн калмык кыыһын нууччалыы билбэтин иһин туораталларын көрөн, уруурҕаан көмүскэстим, сыыйа дьүөгэлэстим. Оттон араас дойду оҕолорун кытта алтыһарбар оскуолабытыгар омук тылын учуутала Т.С. Иванова тэрийбит КИД (клуб интернациональной дружбы) «Радуга» иһинэн ыытыллар дьарыктар, тэрээһиннэр, омук оҕолорун кытта суруйсарбыт тирэх буолбута. Төрөппүттэрим биһиэхэ анаан суруйтарар хаһыаттара , сурунааллара «Бэлэм буол» , «Пионерская правда», «Веселые картинки», «Мурзилка» уо.д.а. билиибит кэҥииригэр олук уурдахтара.
Туһалаах күннээҕи дьарык быыһыгар араас экскурсияларга сылдьабыт. Аан бастаан араҕас өҥнөөх роза сибэкки өлгөмнүк үүнэн турарын көрөн сөхпүппүн өйдүүбүн. «Икарус» оптуобуһунан Новороссийск куоракка тиийэн, тыыным хаайтарбытын өйдөөн хаалбыппын, санаабар салгын отой суох, биэрэккэ быраҕыллыбыт балык курдук сананным. Кэнники улаатан баран өйдөөбүтүм, арыы чараҥ тыалардаах, ыраас дьэҥкир салгыннаах Аллыҥа барахсан оҕото улахан куорат кирдээх салгынын сөбүлээбэтэхпин эбит. Куруук утатан уу көрдөөн тахсабын, сыккыс уутун көрдөрбүн эрэ наар ону ыймахтыыр аатыгар сылдьабын. «Пепси-кола» оччолорго наһаа үчүгэй этэ. Олус тотоойу, ураты астан хас да киилэ ыйааһыным эбиллэн, уҥуохпунан үрдээн кэлбитим. Килиэп арыыта да суох минньигэс амтанын билигин да саныыбын, оннук амтаны булан амсайа иликпин. Биллиилээх дьону кытта көрсүһүүлэри, түүҥҥү костердары, кросс сүүрүүтүн, үҥкүү дьарыгын, Хара муораҕа сөтүөнү олус сөбүлээтим. Наһаа үчүгэй дельфиннэр кэлэн сөтүөлүү сылдьар оҕолору кытта оонньоһоллор этэ. Арай,биир сарсыарда турбуппут, тапталлаах дельфиннэрбит өлөн хаалбыттар, өрөҕөлөрө эрэ маҥхайан көстөр эбит. Онно хомойон ытаабыппын өйдүүбүн.
«Саха сирин туһунан кэпсээр, хомуска оонньоор», — диэн ийэм мас хаалаах кып-кыра хомус биэрэн ыыппыта. Ол хомуспун наар илдьэ сылдьан оҕолорго оонньоон иһитиннэрэбин, сорохтор тоҕо эрэ харахтара ууланар. Саамай уйан Козлов Володя диэн уол кэлиэхпиттэн барыахпар дылы сырса сылдьан, ийэбэр хомуска оонньоон иһитиннэриэм этэ диэн тобуктаан туран көрдөһөн-ааттаһан, хомуспун бэлэхтэппитэ.
Оҕо сылдьан уол оҕо курдук майгылаах этим, ол иһин доҕотторум уолаттар этэ. Марат диэн Дагестан уола значок арааһын бэлэхтээбитэ. Сезон түмүгүнэн, бүтэһик күммүтүгэр костер тула олорон, бу кылгас кэм устата бэйэлэрин чаҕылхайдык көрдөрбүт оҕолору, ол иһигэр миигин куоластааһын түмүгүнэн «За активную работу»диэн бэлиэ значогунан наҕараадалаабыттара. Арахсарбытыгар, элбэх да элбэх оптуобус аттыгар орлятскай круг иһигэр куустуһан туран, бука бары уйадыйан, ытаһан дойдубутугар төннүбүппүт. Бэйэм холбор, кырачаан пионер син балай да ситиһиилээхтик сылдьан, билиим- көрүүм кэҥээн, үүнэн-сайдан дойдубар Аллыҥаҕа кэлбитим.
Тыа оҕото кэнэн-муҥкук, килбик майгылаах, кыбыстанньаҥ этим. Киэҥ ыыры тэлэммин, эҥин араас майгылаах оҕолору кытта биир тылы булан доҕордоһон, «мин да атын омук оҕотуттан итэҕэһэ суох эбиппин эбит ээ», — диэн саха буолан төрөөбүппүнэн киэн туттан, дойду ахтылҕаннааҕын өйдөөн, төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарар, бэйэтин норуотун үгэстэрин билэр оҕону хайа да ыраах сиргэ үрдүктүк сыаналыылларын ис куппунан билэн, харыс үрдээн дьиэбэр төннүбүтүм.
1988 с. Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитим. СГУ саха салаатыгар туттарсан ситиһиилээхтик үөрэнэн учуутал идэтин ылбытым. 2002 с. уйулҕаһыт идэтин баһылаабытым. 2010 с. «Кучу чэй — саха саргыта» диэн чинчийэр үлэбин саҕалаабытым. 2012 с. «Сэттис халлаан» рестораҥҥа сахалар төрүт аспытын аан дойдуга аатырдыбыт асчыт И.И. Тарбаахап кучу чэй дегустациятын оҥорбута.
Бу сыл Москуба куоракка ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр сахалар биһиги эмиэ чэй иһэр култууралаахпыт, анал сиэрдээхпит-туомнаахпыт диэн киэҥ эйгэҕэ аан бастаан таһаарбыппыт. Онтон кынаттанан, «Саха чэйэ» диэн түмсүү тэрийбиппит. 2014 с. ахсынньы 22 күнүгэр — кыһыҥҥы тэҥнэһиигэ сахалыы чэй иһии сиэрин-туомун сүрэхтэниитин саха балаҕаныгар оҥорбуппут. 2018 с. «Чай кучу в культуре народа саха» диэн тиэмэҕэ магистерскай диссертация көмүскээбитим. Ол үлэбин кэҥэтэн 2020 с. «Чай кучу в культуре народа саха» диэн кинигэ таһаарбытым. Бу сыл Ассоциация гостеприимства РС (Я) (Т.А. Тымырова) салалтатынан «Якутский чайный дом» диэн бырайыакпыт РФ Бэрэсидьиэнин Гранын кыайыылааҕа буолбута. Үлэм чэрчитинэн, өй-санаа үтүө өттүгэр уларыйыытын оҕо саастан эрэ ситиһиэххэ сөп диэн санааттан, улуустар уонна куорат оскуолаларыгар кылаас чаастарын ыытабын. Оҕолорго сайын саҥа үүнэн силигилээн эрэр үүнээйини алдьатар буортутун, тоҕо күһүн барыта сиппитин-хоппутун кэннэ хомуйар ордугун быһаарабын, төрөөбүт дойдуларын айылҕатыгар харыстабыллаах сыһыаҥҥа үөрэтэбин. Кэнчээри ыччаппытын айылҕаны харыстыыр, сүгүрүйэр тыыҥҥа иитиэхпитинэ эрэ ууһуур-тэнийэр, үүнэр-сайдар кыахтаныахпыт.
Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө араас сылларга «Орленок» лааҕырга сылдьар чиэскэ тиксибит Саха сирин өрүөлчээннэрэ түмсэн, ойор күннээх оҕо сааспыт умнуллубат чаҕылхай кэмин санаан-ахтан, өр сылларга сүтэрсэ сылдьыбыт пионер доҕотторбутун булан үөрүүнэн кынаттана сылдьабыт.
Былыр да, быйыл да ыал кэскилэ — оҕото. Хас биирдии ыал бэйэтин норуотун иннигэр булгуруйбат модьу санаалаах, бэриниилээх ыччаты төрөтөн, иитэн таһаарардаҕына төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин толорбут курдук сананыа этэ.
Сэбиэскэй кэм пионердара төрөппүттэр, эһээлэр-эбээлэр уонна учууталлар кыһамньыларын өйдөөн, дьоһуннаахтык сыаналаан «Орленок» лааҕырга араас омук оҕолорун кытта алтыһан, чулууттан чулуу баһаатайдартан үөрэнэн санаалыын сайдан кэлэн олоҕу уһансар, инники кирбиигэ сылдьар дьон чулуута буола улааттахтара дии саныыбын. Көлүөнэттэн көлүөнэ олох утума салҕанар аналлаах. Үйэлэр устан аастахтарын аайы, саҥа көлүөнэлэр олоҕу тутан сайыннаран иһиэхтэрэ уонна ааспыт үйэ умнуллубат пионердар хамсааһыннарын туһунан кэнчээри ыччакка кэпсиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Ол кэмтэн түөрт уонча сыл ааспытын кэннэ, оччотооҕу пионерка Туйаара Яковлева, билигин Кучу Туйаара буолан олорон, «Орленок» лааҕырга сылдьыбыт күннэрим дьылҕам бэлэҕэ буолан, инники олохпор үтүө эрэ өттүнэн сабыдыаллаабытыгар, айар-тутар айылгыбын арыйбыттарыгар ис сүрэхпиттэн махтана саныыбын.
Сүүс сыллаах, үйэ саастаах Пионерия үбүлүөйүн көрсө ахтыы суруйдум Сунтаар оройуонун Аллыҥа аҕыс кылаастаах оскуолатын үөрэнээччитэ Туйаара ЯКОВЛЕВА — Кучу Туйаара.