VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатыттан 4 оҕо кыттар чиэскэ тигистэ. 2 спортсмен мас тардыһыытыгар, 2 спортсмен хапсаҕайга Саха сирин бастакы хамаандатын аатыттан кыттыахтара.
Мин оҕолортон ситиһиилэрин, улахан спорт оонньууларыгар хайдах сүүмэрдэнэн талыллыбыттарын туһунан ыйыталастым.
Саян Саввинов, И. Н. Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх оскуола VIII кылааһын үөрэнээччитэ:
— Мас тардыһыынан дьарыктанабын, тренерым Геннадий Михайлович Охотин. Спортка сүрүн ситиһиилэрим: Ньурбаҕа мас тардыһыыга аһаҕас турнирга — 2 миэстэ, өрөспүүбүлүкэҕэ мас тардыһыытын күрэҕэр — 3 миэстэ, А.А. Кузнецов аатынан мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэҕэ — 2 миэстэ, Бүлүү улууһун Хампатыгар ыытыллыбыт күрэххэ өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга 3 миэстэ, Казахстан уонна Саха өрөспүүбүлүкэлэрэ күөн көрсүүлэригэр – I миэстэ.
«Азия оҕолоругар» сүүмэрдиир түһүмэххэ илиим чэрэ баран, тардыһарбар ыарахан этэ, III миэстэ буолбутум. Онтон бүтэһик түһүмэххэ өссө ыарахан этэ. Хас биирдии уол бары күүстээх бэлэмнээх этилэр. Бары кыахпын ууран 1 миэстэни ылбытым. Сайыҥҥы оонньуулартан күүстээх хапсыһыылары, ситиһиилэри кэтэһэбин.
Александр Захаров, Боотулуу орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ:
— Кырабыттан физкультура уруогар сөбүлүүбүн. Мас тардыһыынан дьарыктаммытым 4 сыл буолла. Аан маҥнайгыттан тренерым Семен Семенович Харбаевка дьарыктанабын. Улахан ситиһиилэрим: В. Д. Павлов аатынан регионнааҕы турнирга – I миэстэ, 2022с. Ньурбаҕа ыытыллыбыт мас тардыһыы аһаҕас турнирга – I миэстэ, онтон 2023 с. — I миэстэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр мас тардыһыытыгар бастыыр иһин турнирга — 1 миэстэ, А.А. Кузнецов аатынан мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга — 1 миэстэ. Мастардыһыынан уонна волейболунан утумнаахтык дьарыктанабын.
Сүүмэрдиир бүтэһик полуфиналга диэри син чэпчэки соҕус этэ. Онтон ыарахан соҕустук кыайталаабытым. “Төһөнөн үчүгэйдик эрчиллэҕин да, соччонон элбэх ситиһиилэнэҕин” диэн этиини тутуһабын. Норуоттар икки ардыларынааҕы спорт оонньууларыттан араас омук оҕолорун кытары күүстээх хапсыһыылары күүтэбин.
Сандал Алексеев, Оҥхой орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ:
— Үөрэҕим таһынан тустуунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Улахан ситиһиилэрим: 2020 – 2021 сс. Быкалыырап бирииһигэр I уонна III миэстэ, 2023 – 2024 сс. В.И. Степанов — Буучугурас аатынан ыытыллыбыт тустуу күрэҕэр — III миэстэ, 2024 сылга Сунтаартан төрүттээх 4-с Арассыыйа чөмпүйүөннэрин бирииһигэр өрөспүүбүлүктээҕи көҥүл тустууга – III миэстэ. Тренерим Платон Егорович Саввинов.
2023 сылга «Азия оҕолоро» бастакы сүүмэрдиир күрэҕэр II миэстэ буоламмын, бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттарга талылынным. Аны сайын оонньууларга күүстээх хапсыһыылары, ситиһиини күүтэбин.
Кэскил Федоров, Тамалакаан орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ:
— Кырабыттан тустуунан сөбүлээн дьарыктанабын. Тренердэрим Игнат Гаврильевич Кысылбаиков уонна Платон Егорович Саввинов. Cпортка саамай улахан ситиһиилэрим: Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр хапсаҕайга ыытыллыбыт И.И. Терентьев аатынан аһаҕас турнирга III миэстэ, Бэрдьигэстээххэ аһаҕас тустуу турнирыгар II миэстэ, Бүлүү Тыымпытыгар И. И. Евсеев аатынан ыытыллыбыт өрөспүбүлүкэтээҕи турнирга II миэстэ уонна муҥутуур кыайыылаах, XV үбүлүөйдээх Е. П. Федоров–Хорула Дьөгүөр аатынан ыытыллыбыт көҥүл тустууга II миэстэ, Сунтаартан төрүттээх 4-с Арассыыйа чөмпүйүөннэрин бирииһигэр ыытыллыбыт көҥүл тустууга Өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга II миэстэ, Тыымпыга В. А. Быкалыырап аатынан ыытыллыбыт «Азия оҕолорун» сүүмэрдиир күрэҕэр III миэстэ.
Сүүмэрдиир күрэх чэпчэки буолбатах этэ. Ол эрэн бэйэбэр эрэллээх буолан, барыларын кытта этэҥҥэ киирсибитим. Уолаттар бары күүстээх бэлэмнээх этилэр. «Азия оҕолоро» оонньууларыттан үрдүк ситиһиилэри күүтэбин.
Өрөспүүбүлүкэбит чиэһин көмүскүүр бастыҥ спортсменнарбытыгар ситиһиилэри, элбэх саҥа доҕоттору, кыайыыны-хотууну баҕарабыт.
Алина Санникова,
IX кылаас,
«Эрчим» медиа киин,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.