Быйыл иккис сылын «Кэрэли» Майатааҕы эбии үөрэхтээһин киинэ улуус оҕолоругар сайыҥҥы куруһуоктары тэрийэн ыытта. Уопсайа 255 оҕо онлайн куруһуоктарга бэс ыйын 7 күнүттэн 30 күнүгэр диэри дьарыктаннылар. Онлайн куруһуоктар 3 хайысханан ыытылыннылар: художественнай, естественно-научнай, социально-гуманитарнай. Хас биирдии оҕо дьиэтигэр олорон эрэ сөбүлүүр куруһуогун «Навигатор» региональнай система платформа нөҥүө талан суруйтарда. Дьарыктар Zoom-платформа, биирдиилээн ватсап нөҥүө эрийн кэлэн ыытылыннылар.
«Поваренок» куруһуогу Людмила Афанасьевна Григорьева салайан ыытта. Оҕолор 15 видеонан дьарыктарга ас астыы үөрэннилэр. Араас кулинарнай, “Шеф летнего кружка» күрэхтэр ыытылыннылар.
«Лето в движении» үҥкүү куруһуогун Нюргуяна Ивановна Стручкова салайан ыытта. Оҕолор 3 үҥкүү хамсаныыларын үөрэттилэр. Куруһуокка үксэ саҥа үҥкүүлээччилэр сырыттылар. Практическай өттүгэр ХИФУ студеннара ыалдьыт быһыытынан маастар-кылаастары көрдөрдүлэр.
«Школа волонтера» куруһуогу Саргылана Егоровна Сыромятникова салайан ыытта. Бу куруһуокка оҕолор интэриэһинэй акцияларга кыттыыны ыллылар, челленджтэри уһуллулар.
«Ситии» куруһуогун Александра Васильевна Уваровская ыытта. Куруһуок маастар-кылаас форматынан ыытылынна. Оҕолор салама оҥордулар. Манна туоһу хастааһын быраабылатын, кылынан өрүү сатабылыгар үөрэннилэр. Оҕолор хаьан да санамматах, оҥорон көрбөтөх илии үлэлэри оҥорон олуһун астыннылар.
«В мире танца» куруһуок салайааччыта Саргылана Филипповна Павлова сарсыардаттан оҕолору зарядкаҕа ыҥыртаан онлайн куруһуогун саҕалыыр. Бу 3 нэдиэлэ иһигэр оҕолор аныгы, народнай, бальнай үҥкүү хамсаныыларын үөрэттилэр. «Уһун суһуох», «Скиппинг»скакалка сайыҥҥы күрэхтэр, «Лето»диэн уруһуй флешмоба, «Корона вождя» диэн илиинэн оҥоһук күрэҕэ ыыттылыннылар.
«Палитра» 5 модультан турар онлайн куруһуогу Любовь Анатольевна Жиркова салайан ыытта. Худуоһунньук мастырыскыайыгар сылдьан оҕолор плэнер, витраж, живопись, лепка, бумажная пластика көрүҥнэргэ үөрэннилэр. «Саха сирин сибэккилэрэ», «Көтөрдөр», «Пейзаж», «Натюрморт якутских утварей», «Ынах, оҕус, сыахай», «Ыһыах» диэн тиэмэлэринэн үлэлэр таҕыстылар.
«Арт Ажур» куруһуогу Анна Александровна Протодьяконова салайан ыытта. Куруһуок оҕолоро лобзигынан сатаан тутта үөрэнэ охсон фанераттан араас оҥоһуктары: Аал-Луук маһы, харысхаллары уонна араас дьэрэкээн дьааһыктары оҥорон таһаардылар.
«Ларикс» экологическай куруһуогу Сардана Петровна Гоголева салайан ыытта. Оҕолор олорор нэһилиэктэригэр экологическай акциялары ыыттылар, араас уопуттары, экологическай оҥоһуктары оҥордулар.
«Оберег» диэн ааттаах куруһуокка Сардана Дмитриевна Яковлева оҕолору хас дьарык аайы атын дойдулары билиһиннэрдэ. Дьарыктар оонньуу форматынан ыытылыннылар: «Тайный друг», «Мой милый киллер», «Игра угадай, что я пищу и говорю», «Игра с карточками», тематическай огонектар.
«Ноорой сиэттэрэ» фольклор куруһуогун Валентина Федотовна Кривошапкина салайан ыытта. Онлайн куруһуок 21 хонук устата оҕолору фольклор араас көрүҥнэригэр уһуйда. Дьарыктар Zoom-платформа, биирдиилээн ватсап нөҥүө эрийэн кэлэн ыытылыннылар. Оҕолор таба тыынарга, ийэ кылыһахтарын таһаарарга, хомуска үгэс буолбут ньымаҕа үөрэннилэр. Куруһуок биир сэргэх көрсүһүүтүн быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын кылаан кыайыылааҕын кытта сэһэргэһии, олоҥхо истиитэ буолла.
Иһитиннэрдэ Майатааҕы эбии үөрэхтээһин киинэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.