Бэс ыйын 25 күнүгэр «Кэскилгэ» саҥа муода туһунан «KEREL» рубрика тахсыбыта. Ый тухары кастинг ааһан күүтүүлээх ыытааччы Е. М. Ларионов аатынан Салбан орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ Оля Нератова талыллыбыта.
– Оля, ааҕааччыларга бэйэҕин билиһиннэр!
– Бэйэм туһунан этэрбэр, кырааскаланарбын, интириэһинэй образ онорорбун сөблүлүүбүн. Социальнай ситимнэргэ блог курдук профильбын толоро сатыыбын, ону былырыын муус устар ыйга сайдатан саҕалаабытым. Кинигэ арааһын туһунан кэпсиибин, ханныгы аахпыппын, бэйэм толкуйбун, туох өйбөр баарын, былааннарбын үллэстэбин. Муода өттүнэн мин саҥа үлэлээн саҕалаабытым. Ол курдук, араас блогтары, муода показтарын интернеккэ көрөбүн, кэрэхсийэбин. Оскуолабыт кыракый буолан бу интириэспэр сыһыаннаах кружоктар суох этилэр, ол эрээри мин манна баар үҥкүүнэн дьарыктаммытым.
Уон иккибин эҥин туоларбар мин тулабар баар ону-маны көрөн, дьон таҥаһын, ким ураты кыраһыабай көрүҥнээҕин сөҕөн, бэйэбэр сыаналаан саҕалаабытым. Мин санаабар, муоданы киһи барыта кыратык да уратытык, бэйэтин көрүүтүнэн ылынар. Муодаттан ураты мин кинигэ ааҕарбын, киинэ көрөрбүн сөбүлүүбүн. Оннук, омук классиккатын астынабын, миэхэ саамай өйбөр, сүрэхпэр киирбит: Шарлотта Бронте «Джейн Эйр» арамаана. Киинэлэртэн мин муода туһунан биографиялары көрөөччүм, холобур, «Коко Шанель» үчүгэйдик уһуллубут дии саныыбын.
«Кэскилгэ» муодаҕа сыһыаннаах рубриканы мин дьоҥҥо сүбэ биэрээри, муода туһунан маллар өйдөнүмтүө буолалларын гына, интириэһиргиир оҕоҕо туһулаары салайыахпыт баҕарбытым. Уопсайынан, дьоҥҥо көмөлөһөр, бэйэм сайдар сыаллаахпын! Мин курдук муоданы кэрэхсиирдэргэ мин маннык этиэм этэ: бэйэн санааҕын этэргин куттаныма, хас биир киһи бэйэтэ туспа санаалаах, ону түө бэйэҕин кистээмэ, көрдөрөргүн дьулуйума. Ол курдук, «Кэскилгэ» мин маҥнайгы таһаарыыбын суруйарбар олус да долгуйбутум, куттаммытым даҕаны. Ону баара барыта ситиһиилээхтик, чэпчэкитик ааһар эбит.
Ол иһин куттанымаҥ, бэринимэҥ, оччоҕо сыалгыт эһиэхэ чугаһыа!
Диана Антонова