От ыйын 1 күнүттэн биһиги «Сайдыс» лааҕырга сырыттыбыт. Бастакы күн билсиһии күнэ буолбута. Иккис күҥҥэ бары билсэн, оҕолор бары бииргэ оонньуур, бииргэ сылдьар буолбуппут. Үһүс күҥҥэ этэрээтинэн арахсан биэс этэрээт баар буолла. Этэрээттэринэн ааппытын уонна ыҥырыы толкуйдаабыппыт.
Ол кэннэ «Уу күнэ» буолбута, бары уунан ысыһа оонньоон, күммүтүн олус бэһиэлэйдик атаарбыппыт. Онтон ырыа нүөмэрдэрин көрүү күнэ буолбута. «Үрүҥ түүн күнэ» эмиэ олус интэриэһинэйдик ааспыта, ким элбэх үрүҥ таҥастаах кэлбит күрэхтэһии кыайыылааҕынан тахсыбыта. Ол кэннэ араас күрэхтэр эмиэ оҕолору түмпүттэрэ: мааска оҥоруу, былакаат уруһуйун күрэхтэрэ уо д.а.
Маны таһынан айылҕаҕа тахсан сынньаммыппыт, оонньоон-көрүлээн похуоттаан кэлбиппит.
Ити курдук 21 күн биллибэккэ ааспыта. От ыйын 21 күнүгэр лааҕырбытын кытары бырааһаайдаспыппыт. Олус туһалаах уонна көхтөөх сынньалаҥ ааста!
Күннэй ВАСИЛЬЕВА, Курбуһах орто оскуолатын 7 кыл. үөрэнээччитэ, Уус-Алдан улууһа.