Бүгүн, олунньу 2 күнүгэр, Сталинград уохтаах кыргыһыытыгар кыайыы 79 сылын туолар. Өстөөҕү кытта бу кырыктаах хабыр хапсыһыы 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр диэри салҕаммыта. Сталинград кыргыһыыта — Иккис Аан дойду сэриитин бөдөҥ кыргыһыыта.
Эйэлээх олоҕу, тапталы, инники кэскили туойа сылдьыбыт саха суруйааччылара суос соҕотохто айар, суруйар оҥкуллара 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүттэн тосту уларыйбыта. Ийэ дойдуну хаанымсах фашистартан саа-саадах тутан көмүскүүргэ саха суруйааччылара биир киһи курдук бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ. Ол күнтэн ылата суруйааччы бөрүөтэ өргөстөөх ыстыыкка тэҥнэспитэ…
Макар Иванович Кузьмин – Макар Хара
Москватааҕы журналистар коммунистическай институттарын (КИЖ) бүтэрбитэ. “Кыым” хаһыакка тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1939-40 сылларга Саха сирин суруйааччыларын союһун секретара. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 16 күнүгэр фроҥҥа аттанар:
Ыҥырыыга саха уола Ыраах, ыраах барбыта Сырдык түүммэр айан суола Сындалыйа сыппыта… |
Артиллерист, стрелковай взвод командира, политрук Кузьмин Бастакы Ленинградскай фроҥҥа Ленинград куораты блокадаттан босхолоһор. Онтон Бастакы Прибалтийскай, Бастакы Белорусскай фроннарга хорсуннук сэриилэһэн “Кыһыл сулус” орденынан, “Ленинград оборонатын иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин” иһин медалларынан наҕараадаланар.
Журналист быһыытынан тапталлаах “Кыым” хаһыатын кытта сибээһин сүтэрбэт:
“Кыымнар”, бука барыгытыгар фронтовой привет!
Кэлин уларыйыы суох… сонунум диэн манна уонтан тахса саханы көрүстүм, үксэ сыа дьоно, кинилэр суруктарын тэрийэн ыытыахпын баҕарабын.
Ыраах Саха ыыппыт уолаттарыгар, биһиэхэ,Советскай Прибалтиканы босхолооһуҥҥа быһаччы кыттар чиэс тосхойбутугар мин үөрэбин уонна киэн туттабын.
… Куруутун суруйар түгэн суох, быыс булларбын эрэ саныыр санаабын ырыаларбар этэ сатыыбын…
Поэт Макар Хара фронтан ыыппыт хоһоонноро “Кыымҥа” бэчээттэммитин саха дьоно сонно ырыа гынан ыллаан иһэллэр:
Күүтэр, ахтар доҕоччугар Сурук тоҕо кэлбэтий? |
Дойдутугар, таптыыр кыыһыгар ахтылҕанын “Кыталык” диэн хоһоонунан эппитин талааннаах композитор Захар Винокуров үйэ-саас тухары ылланар ырыа оҥорбута.
Кыраман ыраах дойдуттан Кылбаа маҥан кыталык Кыырай халлаан кырсынан Кырыйа көтөн кэлбитэ. Кыргыс хааннаах хонуутун Кытыытынан эргийэн Кыҥкыр-лыҥкыр саҥаран Кылбалдьыйа көппүтэ. Өлгөм үрүҥ илгэнэн Кылбаа маҥан кыталык |
Хайдахтаах хатыламмат күүстээх обраһый – сахаларга таптал, дьол бэлиэтэ буолбут кылбаа маҥан кыталык уонна кыа хааннаах кыргыс толооно!..
Иннокентий Илларионович Эртюков
1917 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.
Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха тылланан барбыта. Өстөөх арҕаһын тоһуппут Сталинград кыргыһыытыттан саҕалаан Карельскай, Воронежскай, Иккис, Үһүс, Төрдүс Украинскай фроннарга номоххо киирбит Корсунь-Шевченковскай кыргыһыыга кыттан Румынияны, Болгарияны, Венгрияны, Австрияны босхолоспута. Хорсун быһыытын иһин офицер Эртюков “Кыһыл сулус”, Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх орденнарынан, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” медалынан наҕараадаламмыта.
Тыаһаан, хабыллан ааспыттара Тыһыынча сыллар билбэттэрэ, “Тигри” кыайар бухатыырдар Буоллубут Эллэй сиэннэрэ. Тигиниир этиҥ ньиргиэрдээх Тэгил сирдэри тэллибит, Тэҥнээҕи билбэт, килбиэннээх Тимир Сталинград сэриитэбит. |
Доҕотторун фронтовик суруйааччылары Тимофей Сметанины, Дьуон Дьаҥылыны, Степан Тимофеевы олус истиҥник саныыра.
Холо суохтар, буута суохтар Хобдох көтөх көрүҥнээхтэр, Доҕотторум ыарыһахтар, Доҕотторум фронтовиктар Чыына да суох ытыктанар |
– сэрии толоонуттан тыыннаах эргиллибит фронтовик доҕотторун эйэлээх олоҕу тутарга ыҥырар.
Орденнары кэтиҥ килбэчитэ, Оҕонньоттор – сэрии дьонноро, Ийэ сиргит эһиэхэ биэрбитэ Ити бойобуой орденнары. Тохтубут хаан, хорсун быһыы Кэтиҥ, орденнары, кэтиҥ өрүү |
Степан Афанасьевич Саввин – Күн Дьирибинэ
1903 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.
Саха сиригэр Гражданскай сэриигэ Тулагы-Киллэм, Амма хаан тохтуулаах сэриилэригэр кыттыбыта. Аҕа дойду сэриитигэр Сталинградка автоматчигынан инники кирбиигэ сылдьыбыта. Украинаны босхолоспута. Ленин, “Бочуот знага”, “Албан аат” үһүс степеннэрдээх орденнарынан, медалларынан наҕараадаламмыта. “Норуот өстөөҕө” аатыран репрессиялана сылдьыбыта. 1942 сыллаахха тылланан сэриигэ барбыта.
Биэрэ кыыска иирээхтээн Миигин умнуо диэхтээмэ. Хааннаах сүрэххин биэрээхтээн Хаалыаҥ, быстыаҥ – диэхтээмэ. Бэркэ таптыыр биэбэкэм, Биэстэ эстэр бинтиэпкэм. |
– диэн ырыата Ийэ дойдуну көмүскүүр саха саллааттарыгар күүстээх санааны укпута.
Баҕар өлүүм саалаахтан самнан Охсуһуу үөһүгэр Красноармеец өлбүт албан Ааттаах өлүүтүгэр. |
– поэт сэрии толоонугар охтор да күнүгэр бар дьонун туһугар охторун этэр.
Өлөр, ыксыыр кэмнэрбэр Үтүө доҕор буолбуккун, Сэрии кыргыс күннэрбэр Сэргэх атас буолбуккун Сүрдээх күүскэ саныыбын. |
– диэн тылларын Сталинградка бииргэ сэриилэспит эдэр доҕоругар, хорсун буойун, сытыы-хотуу саха уолугар Василий Иванович Яковлевка аныыр.
Василий Сергеевич Соловьев – Болот Боотур
1915 сыллаахха муус устар 15 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.
Учууталлыы сылдьан сэрии бастакы күннэригэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Калининскай фронт Албан аатырбыт 20-c хайыһар биригээдэтигэр Старай Русса, Ильмень күөл кыргыһыыларыгар кыттан ыараханнык бааһырар. Эмтэнэн үтүөрэн баран 282-с дивизия 826 артиллерийскай полкатыгар сэриилэһэн Ленинградскай, Новгородскай, Псковскай уобаластары, Эстонияны, Украинаны, Польшаны, Силезияны босхолоһор. Сэрии бүтэһик күннэригэр артиллерист-сержант Соловьев ыараханнык бааһырар. Бойобуой сырыыта “Албан аат” үһүс степеннээх, Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх орденнарынан бэлиэтэммитэ.
Суруйааччы быһыытынан “Ол күн” поэматынан, “Сааскы дьыбардар”, “Уһуктуу” романнарынан киэҥ ааҕааччы билиниитин ылбыта.
Степан Иванович Тимофеев
1921 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ. Дьокуускайга культурнай-сырдатар оскуола кэнниттэн 1940 cыллаахха Ленинградтааҕы театральнай институт номох буолбут саха студиятыгар үөрэнэ киирэр. Сэрии бастакы күннэриттэн армияҕа ыҥырыллан Ленинград блокадатыгар өлөр-тиллэр хабыр хапсыһыыга киирсэр.
Сэрии ыарын, өлүүнү-сүтүүнү, Ленинград блокадатыгар аччыктааһын эрэйин-муҥун этинэн-хаанынан билбит поэт үйэ тухары умнуллубат, Улуу Кыайыы күн хайаан да ылланар эйэ гимнин айбыта.
Сэрии буолбатын, Хаан тохтубатын Сирэм күөх сиргэ. Өрүү чэчирии, Үүнэ, чэлгийэ Турдун Күн Сирэ! Суох буоллун Сэрии! |
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Үйэлэргэ махтал буоллун эһиэхэ, Эйэни аҕалбыт хорсун дьоммутугар!
Туһаныллыбыт матырыйаал: «Илин» сурунаал 1 №-рэ, 2020 сыл.