Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын төрдүгэр турар Исидор Барахов Бүлүү уокуругун Үөһээ Бүлүү улууһун Бастакы Чочу нэһилиэгэр Харбалаах диэн сиргэ Баһаах Харбалаахтар диэн аҕа ууһун дьонугар 1898 сыл олунньу 12 күнүгэр төрөөбүтэ. Баһаах Харбалаахтар уонна сэттэ аҕа ууһа холбоһон, Бастакы Чочуттан арахсан, 1909 с. Харбалаах нэһилиэгин үөскэппиттэр.
Исидор хос эһэтэ Кындыл Уйбаан диэн эбит. Манна сыһыаран эттэххэ, саха норуодунай суруйааччылара Николай Якутскайдыын, Иван Гоголев-Кындыллыын биир хаантан хабан тахсыбыттара кэрэхсэбиллээх. Ити Кындыл уон биир оҕолооҕуттан Исидор Никифорович эһэтэ Бараах Уйбаан – улаханнара. Кини балыктаан тыыннаах олорбут, биир ынахтаах быстар дьадаҥы киһи эбит. Былыр кыаммат-түгэммэт киһини баайдар туох итэҕэстээҕинэн хос ааттыыр үгэстээхтэрэ. Хабытта баай кинини: “Сааскы бараахха дылы сохсоҥноон”, — диэн күлүү-элэк оҥосторо үһү. Онон Бараах диэн хос аат иҥэриллибит.
Аҕата Бараах уола Ньалбаахаан Микииппэр (Иванов Никифор Иванович) — дьадаҥы уола, бэйэтин хара күүһүнэн уонна үлэтинэн байбыт-тайбыт киһи. Саха биллиилээх устуоруга Е.Е. Алексеев суруйарынан, байарыгар үс суолу тутуспут — хаарты, сир оҥорон бурдук үүннэрии уонна сүөһү иитиитэ. Ийэтэ Өлөөнө Өргүөт нэһилиэгин Арбаҕастаах аҕатын ууһуттан төрүттээҕэ. Бу ыал, оҕо өлүүлээх буолан, Исидор төрөөбүтүгэр, оччотооҕу сиэринэн абааһыттан куоттаран, үс сыл ийэтин аймахтарыгар Баһылай Наҕабыыһыннаахха (Чэччэйдээххэ) Өргүөккэ ииттэрбиттэрэ. Онтон ыалга иккис уол Дьуона төрөөбүтэ, оҕолоругар ханыы гынаары элбэх оҕолоох аймахтарыттан өссө биир уолу Анньыыһыны ииттэ ылбыттара.
Үөрэх
Куорамыкыга Монастырев учууталга аан бастаан үөрэммитэ. Бу үөрэнэр сылларыгар убайынаан Аньыыһынныын атыыһыт Дьөгүөр (Георгий) Батаакапка олорбуттара. Батаакаптар кыыстара Мусялыын, уоллара Серафимныын улааппыттара.
12 саастаах Исидор 1910 с. Бүлүү куорат начаалынай училищетагыр киирбитэ. Училище 1913 сыллаахха үрдүкү училище статуһун ылбыт. 1914 с. бүтэрбитэ. Бу сылларга аҕата уруккуттан билсэр атыыһыта Николай Расторгуев дьиэтигэр олорбута. Исидоры кытта оччоҕо Степан Аржаков, Степан Гоголев, Николай Бубякин, Дора Жиркова, Муся Потапова, Дмитрий Очуров, Георгий Павлов, Г. А. Шадрин, А. П. Егоров, Степан Иванов о. д. а. үөрэммиттэрэ. Училище дириэктэринэн Попов Иван Васильевич, оттон 1912 сыллаахтан математика уонна физика учууталынан А.Е. Кулаковскай-Өксөкүүлээх Өлөксөй үлэлээбитэ. П.Х. Староватров, эдэркээн Марк Жирков учууталлыыллара. 1912 с. кылгас кэмҥэ нуучча тылын Сэмэн Новгородов үөрэтэ сылдьыбыта.
1914 с. ахсынньытыгар, үөрэҕин бүтэрэн баран, Расторгуевка үлэлээбит. Бу сылдьан тохсунньуга Дьокуускайдааҕы учууталлары бэлэмниир сэминээрийэ дириэктэригэр үөрэххэ киирэр туһунан көрдөһүү түһэрбит. Күһүн Үөһээ Бүлүү быраабатыгар дьыаланы устааччынан үлэлээбит, онтон сыылынай Т.П. Алфер сүбэтинэн земскэй сэтээтэл Г. Ф. Корякиҥҥа суруксутунан киирбит. Бу киһи дьиэтигэр олорбут, онтон кинини кытта 1915 с. күһүн Дьокуускайга барсыбыт уонна семинариятыгар киирбит.
Сэминээрийэҕэ Максим Аммосовы, Степан Аржаковы уо. д. а. кытта, барыта 17 буолан киирбиттэрэ. Биир сыл аҕа Платон Слепцов-Ойуунускай үөрэнэрэ. Үөрэнэ сылдьан литература куруһуогар сылдьар, кэлин салайар эбит, 1917 сыл саҥатыгар Степан Аржаковтыын Бүлүү түмсүүтүн тэрийбиттэрэ биллэр. Оттон «Е. М. Ярославскай революционнай куруһуогар дьарыктаммыта» диэн этии билиҥҥи кэмҥэ саарбахтанар. Исидор кэлин бэйэтэ суруйбутунан, «1917 сыл олунньуга дылы политическай боппуруостарга биһиктээх кыһыл оҕо» эбит. Баартыйа дөкүмүөннэригэр Барахов бассабыык баартыйа чилиэнинэн 1917 сыл балаҕан ыйыттан буолбута туоһуланар.
Уустук кэм кэлэн Бараховтаах сэминээрийэни бүтэрэр сылларыгар үөрэхтэрэ быста-быста салҕаммыта. Үс сыллаах үөрэхтэрин 1918 с. муус устарга түмүктээбиттэрэ. Бу сыл, биллэрин курдук, Арассыыйаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолан, саҥа былаас дойдуга кимиилээхтик хааман испитэ. Саха Сирэ саҥа былааһы билиммэтэҕэ. Онон уларытыы күүрээнигэр киирбит эдэр дьон, Бараховтаах, бастаанньаҕа бэлэмнэнэн барбыттара, кистэлэҥ хаһыаты таһаараллара, сэп-сэбиргэл хомуйаллара.
Тылга сыһыаннаах үлэтэ
1920-с сыллардаахха саха алпабыытын, суругун сокуонун чуолкайдааһыҥҥа, саха тылын үөрэтиигэ, сайыннарыыга, үрдүк таһымҥа таһаарыыга, киниэхэ государственнай тыл анал туругун иҥэриини ситиһиигэ боччумнаах үлэни оҥорбута. Холобур, биир «Сахатытыы уонна нуучча тыла» диэн ыстатыйатыгар маннык салаалар бааллар:
- Сэбиэскэй государcтвенность уонна тыл.
- Бу туһунан РКП XII сийиэһэ туох диэбитэй?
- Сахатытыы — бу партия сийиэстэрэ олоххо дьиҥнээхтик киириилэрэ.
- Ленин бу боппуруоска туох диэн үөрэппитэй?
- Сахалыы суругу-бичиги сайыннарыы наада дуо?
- Нуучча тылын оруола уонна миэстэтэ.
- Сахатытыы наадалаах.
Оттон «Тыллар тэҥ бырааптаах буолуулара» диэн ыстатыйаҕа Исидор Никифорович тыллар бырааптарын, сахатытыы туһунан сиһилии суруйар, сахатытыы — нуучча тылын үтүрүйүү буолбатаҕын бэлиэтиир.
1926 с. Алампаны уонна Күндэни кытта Азербайджан киин куоратыгар Бакуга буолбут Бүтүн Сойуустааҕы Түүр I cийиэһигэр кыттыбыта. Манна анаан «Саха алпаабытын туһунан» диэн тезистэри суруйбута.
Экономикаҕа сыһыаннаах үлэтэ
1923 с. оҥорбут дакылаатыгар тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүү, кустарнай уонна ремесленнэй производствоны сайыннарыы, кыһыл көмүһү уонна күндү таастары хостооһун туһунан, Саха Сирин бордууксуйатын оҥорон таһаарыыны улаатыннарыыга хаһаайыстыбаннай бэлиитикэ сүрүн хайысхаларын быһаарбыта.
«Саха өрөспүүбүлүкэтин промышленноһа, суола-ииһэ уонна инникитэ» диэн ыстатыйатыгар сиртэн хостонор баайдары суолу-ииһи тупсардахха толору көдьүүстээхтик туһаныахха сөп диэбитэ. Иркутскайтан Уус-Кукка диэри тимир суол салаатын, Дьокуускайтан Амуурдааҕы тимир суол Рухолово (Большой Невер) станциятыгар диэри массыына суолун бырайыактааһын уонна тутуу, Дьокуускай — Охотскай суолун чөлүгэр түһэрии, Өлүөхүмэ өрүһү, күрбэ таастартан босхолоон, онон Могоча тимир суол станциятыгар тахсар туһунан боппуруостары туруорбута. 1923 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр Үлэ уонна Оборона Сэбиэтигэр ыыппыт суругар Өлүөнэ өрүс пароходствотын тэрийиини туруорсубута.
Бэлиитикэ
1921 сыллаахха хомуньуус баартыйа X сийиэһигэр Саха Сириттэн куоластыыр бырааптаах соҕотох дэлэгээт быһыытынан кыттыбыта (иккис дэлэгээт Былатыан Ойуунускай сүбэ куоластаах этэ). Бу сийиэс Москубаҕа Кириэмилгэ кулун тутарга буолбута. Киин хонтуруоллуур хамыыһыйа дакылаатын, профсоюзтар үлэлэрин, разверстканы продналогунан уларытыыны, омуктар ыккардыларынааҕы сыһыаны, баартыйа сомоҕо буолуутун, анархо-синдикалисткай халыйыы туһунан боппуруостары дьүүллээбитэ. Бу сийиэскэ Владимир Ленин кыттыбыта. 1921—1924 сс. партия губбюротун секретарынан, Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, партия X, XII, XV сийиэстэрин делегата, ССРС уонна Саха Сирин Киин ситэриилээх комитеттарын чилиэнэ этэ.
1922 сыллааҕы өрө туруу, былааһы «триумвирааттан» былдьааһын, эйэлээх бэлиитикэ
1922 сыллаахха Саха сиригэр кыһыл террору уонна Саха сирэ Иркутскай уобаласка оройуон эрэ статустаах сыһыарыллыбытын сөбүлээбэккэ өрө туруу буолбута. Саас Саха уобалаһын сэриилэрин хамандыырынан анаммыт Нестор Каландаришвили улахан обуоһунан бастаанньаны хам баттыыр соруктаах кэлэн испитэ. Кулун тутар 6 күнүгэр ону бастаанньыстар Табаҕа аттыгар тоһуурга түбэһиннэрэн өлөрбүттэрэ. Устуоруктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр бу түгэни сэбиэскэй былаас Саха сиригэр ыытар бэлиитикэтэ уларыйбыт түгэнинэн ааҕаллар. Онно бастыҥ оруолу Исидор Бараахап ылбыта. Кулун тутар 10-11 түүнүгэр РКП (б) губбюротун мунньаҕар Губбюро урукку салалтатын туоратыы түмүгэр Саха сирин салалтата уларыйбыта. Лебедевтээх «триумвираттарын» оннугар Бараахаптаах буолбуттара. Ойууунускай ахтарынан, Строд хамаандалаах красноармеецтар хоско көтөн түһэн тройканы арестыыллар. Строд икки илиитигэр наганнаах.
Аныгы устуоруктар бу кэнниттэн Саха сиригэр ыытыллыбыт бэлиитикэни «Гуманная политика Барахова» диэн ааттыыллар.
Саҥа анаммыт командующай К. Байкалов Широких-Полянскай өҥөтүнэн Бараахабы кытта чугасаһар, уонна Бараахап быһаарыытын өйүүр. Бу кэмтэн ыла сэбиэскэй былаас олохтоохтор өрө турууларын утары хааннаах репрессияны уҕарытар, кэккэ эйэлээх миэрэлэри ылынар. Ол курдук, бастаанньыстарга амнистия биллэриллибитэ. Ол түмүгэр бастаанньыстар хамсааһыннара мөлтүүр. Өрө турууга кыттыбыттар сааларын-саадахтарын көҥүл өттүлэринэн ууран, суута-түүрэйдээһинэ суох эйэлээх олоххо төннөллөр.
1926—1928 сс. партия Саха Сиринээҕи тэрилтэтин салайбыта.
1928—1933 сс. Кыһыл профессура Институгар үөрэммитэ. Ону ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Киин комитет аппараатыгар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар Илин Сибиир уонна Уһук Илин сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Репрессия
1938 с. олунньу 3 күнүгэр дьэҥдьийэргэ уонна хаайарга НКВД-лар ордер ылбыттара. Архыыпка баар дьыалаҕа ол кэнниттэн 146 хонук иһигэр туох буолбута биллибэт. Бу тухары НКВД хаайыытыгар сытан «буруйун» билиммэтэх буолан, доппуруос боротокуола суох диэн Е. Алексеев суруйар. Доппуруос боротокуола бэс ыйын 29 күнүттэн саҕаланар. 1938 с. балаҕан ыйын 15 күнүгэр диверсийэҕэ, национализмҥа, үспүйүөннээһиҥҥэ, куорҕаллааһыҥҥа буруйдаан ССРС оһуобай боломуочуйалаах үрдүкү байыаннай суута ытарга уурбута. Ол күн суут уурааҕа олоххо киирдэ диэн Барахов дьыалатыгар тигиллэн сылдьар, ол аата 40 саастааҕар ытыллыбыт.
1956 с. алтынньы 31 күнүгэр Исидор Барахов үтүө аата чөлүгэр түһэриллибитэ.
Дьиэ кэргэнэ
Кэргэнэ Черепанова Александра Андреевна 1901 с. төрүөх, Екатеринбургтан төрүттээх. Исидордыын өлүөр диэри 14 сыл олорбуттар. Исидор Никифорович өлбүтүн кэнниттэн Александра Андреевна кэргэнин аймахтарын, доҕотторун, биир дойдулаахтарын кытта ситимин быспатаҕа. Ол курдук В.С. Петровы, Д.С. Спиридоновы, Н.Е. Васильевы, И. С. Васильевы, В.И. Сергееваны, В.Г. Чиряеваны, Д.С. Поскачинаны уо.д.а. кытта өр сыллар усталарыгар суруйсубута.
Ииппит уола Ким Черепанов (кэлин Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүтэ) уонна төрөппүт уола Ярослав (1929 с. төрүөх).
Ярослав Исидорович Андрей уонна Людмила диэн оҕолордоох. Людмила Ярославовна математик, программист.
Андрей Ярославович Барахов билим үлэһитэ, Курчатов үнүстүүтүгэр радиация куттала суох буолуутун испэсэлииһэ, Ярослав диэн уоллаах.
Аатын үйэтитии
- Барахов аатын Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр баар улууска биир бастакы уонна ордук бөдөҥ оскуолалартан биирдэстэрэ 1957 сыллаахтан сүгэр. Оскуолаҕа киниэхэ аналлаах стендэ баар, сыл аайы киниэхэ аналлаах уруоктар ыытыллаллар. Оскуола туйгун үөрэнээччитигэр кини аатынан стипендия төлөнөр.
- Сэбиэскэй саҕана Үөһээ Бүлүү улууһун бөдөҥ сопхуоһа кини аатын сүгэр этэ.
- Барахов аатынан теплоходу ааттаабыттара.
- Төрөөбүт сиригэр Харбалаахха киниэхэ аналлаах түмэл үлэлиир. Үөһээ Бүлүүгэ уонна Харбалаахха мэҥэ-өйдөбүнньүктэр тураллар.
- М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кини аатынан, ФЭИ бастыҥ студеннарыгар, стипендия олохтообут.
- 2014 сыл муус устар 27 күнүгэр Дьокуускайга (Киров аатынан уулуссаҕа) Исидор Бараховка өйдөбүнньүк туруоруллубута.
Туһанылынна: Сахалыы Бикипиэдьийэ.
Эһиги болҕомтоҕутугар «Кэскил медиа продакшн» уонна «Россия — мин историям» историческай паарка бэлэмнээбит видео-экскурсиятын көрөргүтүгэр ыҥырабыт.