Саха норуодунай поэта Петр Николаевич Тобуруокап «Төрөөбүт дойдубутунан киэн туттуоҕуҥ!» диэн Үөһээ Бүлүү бэҕэһээ, бүгүн, сарсын диэн кинигэҕэ суруйан хаалларбытыттан… Төрөөбүт төрүт дойдутун ким таптаабатаҕа баарай?!
Оттон биһиги Үөһээ Бүлүүбүт инньэ «Туос уйа ыйанан хаалбытыттан буолуо» дэнэр Өлүөхүмэни кытта быысаһар Туобуйа диэн сир анараа өтүттэн Өлөөн улууһугар тиийэ Бүлүү эбэни Чыбыыда, Марха, Түҥ өрүстэр ыккардыларынан туора түһэн сытар. Онон үүнээйи, булт-алт эгэлгэтэ тоҕуоруспут дойдута.
Хортуоппуйу хото үүннэрбит Ильин Анисимы, А. Саввинов, С. Васильев диэн 91 биэттэн 91 кулуну ылбыт Герой сылгыһыттар бааллара. «Чолбон» колхуос уонна кини бэрэсэдээтэлэ Ленин уордьаннаах Алексей Егоров бурдук үүннэрэн Россияҕа биллэллэрэ. Лөкөй (Мухоплёв) Алдаҥҥа түһэр суолу, хойутуу бэл лётчиктар былыттаах кэмҥэ аллара түһэн, сирдэтэн көрөллөрүн курдук көнө суолу, тыыран дьуолкалалаабыта, дойдутун элбэх уулаах алаастарын хордорбута үһү.
Улууспут улуу баайа, биэс төгүл кулубанан талыллыбыт Г.Е. Потапов Үөһээ Бүлүүттэн Бүлүү кыраныыссата буолар Чыбыыда үрэххэ дылы тэлиэгэлээх да сыарҕа көҥүл сылдьар, үрдүгэр маһы тэлгэтэн баран, буору куттаран аатырбыт айанын суолун оҥотторбута. Г.М. Яковлев- Ахталба Дьарааһын бастакы кулууп дьиэтин кини туттарбыта. Ону таһынан Бөргөмдө, Муоһааны, Ороһу, Нэгэдьээк алаастары уунан нүөлсүтүллэр систиэмэни олохтоох Мөксөөрөп Өлөксөй диэн киһини кытта барыллаан былааннаспыт киһинэн буолар.
Улууспут итинник хаһаайыстыбаннай дьоннорун таһынан Москваҕа тиийэ уонна Дьокуускайга олорон государствоны салайыы боппуруостарыгар дьоһуннаах кылааты киллэрсибит И.Н. Барахов, Р.И. Кардашевскай курдук бэлиэ дьоннордооҕо. И.Н. Барахов дириҥ билиилээх, бөлүһүөк, экономист быһыытынан сураҕырара. Р.И. Кардашевскай гражданскай сэрии саҕана Сэбиэскэй былаас туһатыгар элбэх үлэни оҥорбута диэн дьон махталын ылара.
Улууһум баай булдун Чороох Уйбаан да туоһулуур: «Өлөрбүт тайахтарбын бу га аҥаардаах уһаайбабар хаайарым буоллар,хайдах да батыахтара суоҕа этэ,» — диир.
Оттон көмүһэ, платината! Бүлүү кумаҕар үктэн да, хайаан да кинилэри тэпсибитинэн бараҕын: көмүс, платина сууйуллубат сирэ суох! Эбэ балыга тимэх, сыа балыктан сыарҕа устатыгар баппат билгэ, тууччахха диэри.
Дьэ, итинник дьикти кэрэ дойдунан ким киэн туттуо суоҕай!
Дьэ, онон, быһата:
Бөрө, эһэ хорҕойор
Бөлкөй ойуур тыалардаах,
Таба, тайах ордууланар
Далаан тайҕа тыалардаах,
Бөлөнөх хойуу сүөгэйдээх
Бөдөҥ ынах сүөһүлээх,
Бөҕөс, быһый ыччаттаах
Бөрхөбүлүүскэй дьонобут!
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу.