Олоҥхо – улуу айымньы. Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуhуута, кини өйө-санаата, сырдыкка тардыспыт баҕата — бука барыта олоңхоҕо түмүллэр. Ол иhин саха олоҥхото сүүhүнэн ахсааннаах үгүс дьыллар халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күннэригэр күлүктэнэн, умнуллан сүппэтэҕэ.
Норуот олоҥхонон ыччаты, күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах, күүстээх санаалаах буоларга, ону таhынан норуот сиэрин-майгытын тутуhарга иитэр. Ол курдук, Ньургун Боотур: «Таhыттан киирбит киһини “Хантан кэлбит, ханна баран иhэр киhигиний?» диэн ыйытар баҕадьы ээ», — диэн үөрэтэр эдэр бухатыыры. Ол эбэтэр, эдэр бухатыыр урааҥхай саха мэлдьитин ыалдьыты үтүөнэн көрсөр, кэпсэтэр, маанылыыр үгэhин тутуспатаҕыттан улаханнык кыhыйар-абарар. Бэл, өстөөхтөрүн күөн-көрсө тиийэн баран, бухатыыр кимин-тугун, туох соруктаах кэлбитин сэрэтэр. Арыт бухатыырдар охсуhа сылдьан, иккиэн сүбэнэн сынньана түhэн ылар түгэннэрэ баар.
Олоҥхоҕо киhи билбэт дьонун кытта бодоруhар, кыhалҕа тирээтэҕинэ, бэйэтин аатын-суолун, кимин-тугун билиhиннэрэр.
Билсиhиини бастаан саастаах киhи саҕалыыр: «Ким, хайа этигиний?», «Хантан сылдьаҕын?», «Хайаларын оҕото буолаҕын?», «Хайаларын тымыра-сыдьаана буолаҕын?», «Удьуоргун умсуй, төрүккүн туос».
Көстөрүн курдук, туох-ханнык иннигэр төрдү-ууhу сураhаллар, билиhиннэрэллэр эбит. Ити оруннаах. Дурда-хахха буолар дьонноох-сэргэлээх, халыҥ аймахтаах, үтүө төрүттээх киhи ордук кэрэхсэнэр. Холобур, Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхону арыйан көрүөҕүҥ. Онно Дьулуруйар Ньургун Боотур Уот Кындыалыга бэйэтин билиhиннэрэр:
Ханнык дойдулаах,
Хантан хааннаах,
Кимтэн кииннээх
Киhи кэлэн,
Аат ааттаан
Амалыйа туойда диэтэргин –
Үөhэ үс хаттыгастаах
Үрдүк мэҥэ халлаан
Үрүт өттүгэр үөскээбит,
Айыҥа Сиэр тойон аҕалаах,
Айыы Ньуоралдьын хотун ийэлээх,
Үс аан дойду
Үгэhигэр уотуллубут,
Дьулусханнаах тура төрөөбүт
Дьулусхан сүбүйэ сүүрүк
Дьура хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур диэн
Илэ бэйэбинэн
Иэнигэйэн кэлэммин,
Үс бараа хара күлүккэр
Үҥэн-сүктэн сүөдэлдьийэн эрэбин…
Кытай Бахсылаан Уус Ньургун Боотурга бэйэтин билиhиннэрэр:
Балтатын тыаhа иhиллибит
Баалтааны ууhа диэн
Барык Буурай оҕонньор,
Күскүйэр төлөн иhигэр
Күөртүн тыаhа күүгүнээбит
Күөттээни ууhа диэн
Күөх Эллэмэй оҕонньор,
Кыыhар төлөн иhигэр
Кыстыгын тыаhа чынкынаабыт
Кыырык төбө,
Кытаҕай Бэргэн
Кытай Бахсылаан уус диэн
Илэ бэйэбинэн,
Чахчы дьүhүммүнэн
Тахсан олоробун…
Аны «Айыы Дьураҕастай» олоңхону көрүөҕүҥ. Күрүө Дьаҕылтай Айыы Дьураҕастайтан балтытын көмүскэhэригэр көрдөhөр:
Күүстээх уохтаах
Күрүө Дьаҕылтай диэн
Айыы Хаан биир
Анньар-тутар атарата
Кэлэн турабын.
Кэргэн кэпсэтии олонхоҕо эмиэ уратылаахтык ойууланар.“Ала Булкун” олонхоҕо Дьэбий Кулахай:
Сыыдам сырыылаах,
Сылбырҕа атахтаах
Ытык Кыпсыйдаан
Сарыы таҥалай,
Сараhын кулахай
Сайып Кутурук,
Дьиэрэҥкэй сырыылаах,
Дьэллик атахтаах
Дибдиэхэй тиҥилэх
Дьэбэй Кулаах диэн
Үс үтүө кыыскытын
Үрбэлээн биэрдэргит үчүгэй
Буолуо этэ.
Итинник диэн баран, Ытык Кыпсыйдаан кыыhын кэргэн кэпсэтэр.
Көмө көрдөөһүн эмиэ билиһиннэрии түгэннэрдээх буолар. Дьулуруйар Ньургун Боотурга Бэриэт Бэргэн бэйэтин билиhиннэрэр, кэлбит соругун этэн, көмө көрдүүр:
…өрөөбүт уоhум
Үгэтин өйдөө,
Хоммут уоhум
Хоhоонун холобурдаа,
Ким кэлэн,
Кэс тылын
Кэпсээри гынныҥ диэтэххинэ,
Тус илин диэки
Көтөр кынаттаах кыыл
Үстэ сымыыттаан,
Көнчөҕүн көтүтэн,
Тиийэр сиригэр
Киэҥ Туолума эбэ хотун диэн сиргэ
Дьөгдьөйөр саалыгар олохтоох
Толомоон Суорун оҕонньор,
Тоҥкуруун Баай хотун эмээхсин диэн бааллар.
Ол ортоку оҕолоро
Мэнилгэннээх айаннаах,
Бэки сиэр аттаах
Бэрт киhи
Бэриэт Бэргэн диэн буолабын.
Охсуһууга эмиэ бэйэни билиһиннэриини булан ааҕыахпытын сөп. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо Ньургун Боотур Уот Уhутаакыны охсуhууга ыҥырар:
Дьэ буо, маҥан аллаах,
Уот Уhутаакы бухатыыр обургу?
Мин диэтэх киhи этэрбин
Өйдөөн-дьүүллээн иhит эрэ!
“Кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах,
Туохтан туралаах
Төрүттээх киhи кэллиҥ?” –диэтэххинэ,
Тоҕус халлаан үрдүгэр
Тура төрөөбүт,
Тиити төргүү мутугунан
Тэбэр тураҕас аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур диэн,
Ат тиийэн ырарынан ахсынааттаах,
Суол тиийэн муңурдарынан
Суон модун сурахтаах
Уол оҕо туйгуннааҕа
Илэ бэйэбинэн
Эн диэтэх киhи үрдүк ааккар
Үтүө бэйэҕин ааттаан-суоллаан кэллим.
Бу холобурдарга көстөрүнэн, олонхоҕо бухатыырдар бэйэлэрин билиhиннэриилэригэр ааттарын этиэхтэрин иннинэ төрүттэрин: аҕаларын-ийэлэрин, арыт эhэлэрин-эбэлэрин, убайдарын, саҥастарын кытта ааттаталыыллар эбит. Олонхоҕо күтүөттүү кэлбит киhи бэйэтин кимин этиэн иннинэ төрүттэрин кэпсиир. Дурда–хахха буолар дьонноох-сэргэлээх, халыҥ аймахтаах, үтүө төрүттээх киhи ордук кэрэхсэнэр эбит.
Охсуhууга бухатыыр бэйэтин билиhиннэрэригэр быhыытын-таhаатын, күүhүн-уоҕун, өйүн-санаатын, төрдүн-ууhун этэн баран охсуhууга ыҥырар.
Көмө көрдүү кэлбит бухатыырдар хайаатар да бэйэлэрин хантан хааннаахтарын, кимтэн кииннээхтэрин этэллэр уонна, дьэ, биирдэ кэлбит соруктарын этэн, көмө көрдүүллэр.
Саха эҕэрдэлэhэр, көрсүhэр, арахсар, махтанар, бырастыы гыннарар түгэнигэр, өрүү нууччаттан киирии тылы олоҥхотугар тиийэ үгүстүк туттар буолбута, сахаҕа сиэр анал тыла суох эбэтэр саха бодоруhар култуурата намыhах диэн санааҕа тиэрдиэ суохтаах. Ол киниэхэ сиэрдээх кэпсэтии тыла олох атын тутуллааҕын, майгылааҕын, атыннык сайдыбыт туоhута буолуохтаах. Сиэрдээх кэпсэтии тыла сахаҕа, син бары атын омуктар курдук, күннээҕи, олоҕун-дьаhаҕын туттунан дьаhанан олоруута, итэҕэлин ирдэбилэ ураты буолан, сиэрэ-майгыта, бодоруhар тыла, онно туттара-хаптара эмиэ ураты эбит.
Бу аҕыйах холобуртан даҕаны олоҥхо норуот сиэрэ, өйө-санаата, майгыта-сигилитэ иитиллэр, уран тыла чочуллар дьиҥнээх кыhата буоларын итэҕэйиэххэ сөп. Саха киhитин өйө олоҥхо умсулҕаннаах тылын дэгиттэр кэпсэтэр, бодоруhар сиэрдээх тылын сөҥөрөн кэбиспитин сөҕө-махтайа ааҕыаҕыҥ, сөргүтэн көрүөҕүҥ.
Ушницкая Иванна,
Окоемовка сүрүн оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ/
Салайааччы: Пестряков Геннадий Дмитриевич, история учуутала.