Олохпут олус балысханнык сайдар. Интэриниэт, суотабай сибээс киириэҕиттэн аан дойдуну барытын көрөр, ханна да сырыттарбыт, кэпсэтэр буолбуппут ыраатта. Онон виртуальнай ситим туһатын, буортутун киһи ааҕан сиппэт.
Бу тиэмэни ырытаары, Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн, Саха гимназиятын XI кылааһын оҕолоро (учууталлара Е.Д. Павлова) омук тылын уруогар «Интернет: за и против» кэпсэтиигэ ангылычаан тылынан кытыннылар.
Туһата элбэх
Ким баҕарар Интэриниэти туһанан бүтээт, туох да эрэйэ суох салгыы атын дьыаланан дьарыктана барар буоллаҕына, кини төлөпүөнтэн тутулуга суох. Көннөрү элбэҕи билэртэн-көрөртөн, үөрэнэртэн, дьону кытары билсэртэн, оонньууртан дуоһуйууну ылар буоллаҕына, туох да куттала суох.
Билигин кэпсэтэртэн-билсэртэн ураты, Интэриниэт нөҥүө таҥаһы, аһылыгы, араас тэриллэри, малы-салы хантан баҕарар үлэһиэххэ сөп. Сыаната куорат маҕаһыыннарыттан икки бүк чэпчэки уонна быдан барыстаах буолан тахсар.
Урукку кэмҥэ омук тылларын үөрэтэргэ харчы бөҕө баранар буоллаҕына, YouTube видеохостиҥҥа «онлайн» босхо үөрэтиилэр баалларын Нарыйа Антонова бэлиэтээтэ:
– Куһаҕаны көрбөт буоллаххына, үчүгэй. Холобур, мин бэйэм YouTube-ка тылы үөрэтиигэ аналлаах видеолары көрөбүн. Үөрэхпэр олус туһалыыр. Элбэх быраабылалары биллим. Ол эрээри, түүннэри-күнүстэри көрдөххө, оҕолор күннээҕи олохторугар ыарырҕаталлар, күннэрэ ыһыллар, үөрэхтэригэр кыһаммат буолаллар. Оннооҕор утуйалларын, аһыылларын кытары умнан, YouTube эрэ көрүөн баҕарар буолаллар.
Киһини буортулуур
Аныгы түргэн тэтимнээх олоххо үөрэнээччи доҕотторун кытта ыкса алтыспат, үөрэххэ, атын туһалаах дьарыкка болҕомтотун сүгүн уурбат. Төттөрүтүн, планшетын, төлөпүөнүн тутан баран сылдьар. Хайа, күнү быһа көрбөтөх “бассааба”, “инстаграма”, “твиттерэ” кэтэһэн сытар буоллахтара дии. Онон киниэхэ виртуальнай “доҕотторо” быдан суолталаахтар. Төлөпүөнтэн тутулуктаах оҕо дьону кытта сатаан кэпсэппэт, туохха да тардыспат, тугу да ситиһэ сатаабат, атын интэриэһэ суох, туспа эйгэҕэ, күннээҕинэн эрэ олорор буолар.
– Билигин Интэриниэт иһигэр барыта харчылаах буолан турар. Оонньууну, ырыаны, киинэни ый аайы сурутуу оҥордоххуна биирдэ кыайан туттаҕын. Бу киһиэхэ олус табыгаһа суох. Холобур, мин муусука истээри гыннахпына, мобильнай сыһыарыыны көрдүүбүн. Сороҕор сөптөөҕү булабын уонна онтукайым үлэлээбэт буолар, – диэн Ньургуйаана Тордуянова маннык түмүккэ кэлбит.
Сатыахха эрэ наада
– Кылаабынайа, ханна, хайдах, туох сыаллаах туһанары быһаарыныахха наада. Үлэҕэ, үөрэххэ билигин Интэриниэтэ суох табыллыбаккын. Сеть нөҥүө докумуону ыытарбыт, ыларбыт бары өттүнэн табыгастаах, – Максим Марков санаатын быһаарар.
Хас биирдии киһи туспа санаалаах. Күннээҕи олоҕо сэргэх буоллаҕына, кини виртуальнай эйгэҕэ улаханнык наадыйбат. Атыннык эттэххэ, туох да интэриэһэ, алтыһар доҕотторо суох, үөрүүтэ-көтүүтэ тиийбэт буоллаҕына, кини Интэриниэт ситимигэр ылларара түргэн.
Павел ИЛЬИН.
Ааптар
түһэриилэрэ.