Бу саас муус устарга биһиги оскуолабытыгар Дьокуускай куораттан АНО ДПО ЦИРО директора Титов Дмитрий Кириллович уолунаан Кирилл Дмитриевичтыын кэлэ сылдьан оҕолорго проект толкуйдуурбутугар, хайдах эбии харчы оҥорорго сүбэлээбиттэрэ, үөрэппиттэрэ. Ол кэннэ учууталларбыт 5-11 кылаас оҕолорун хамаандаларга араарбыттара уонна сорудах биэрбиттэрэ. Икки нэдиэлэ устата проекпытын толкуйдаан, презентация оҥорон бу нэдиэлэ саҥатыгар көмүскээтибит.
Дьүүллүүр сүбэҕэ бааллара: Чыамайыкы нэһилиэгин баһылыга Александр Петрович Захаров, баһылык солбуйааччыта Елена Михайловна Местникова, саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура учуутала Антонина Павловна Филиппова, математика учуутала Ольга Иннокентьевна Захарова. Көмүскээбит видеобытын улууска ыыппыттара.
Проект көмүскээһин кэннэ хамандыырдар маннык санааларын үллэстэллэр:
1 хамаанда «ВААМинам», Саша Романова:
— Биһиги проекпыт «Чыычаахпыт аһылыгыттан уонна да атын сир астарыттан барыанньа оҥоруу» диэн этэ. Дьүүллүүр сүбэ олус сэргээн иһиттилэр уонна араас сүбэлэри биэрдилэр. Кыра сыыһалардаахпыт, олорбутун көннөрүөхпүт, ситэрэн биэриэхпит.
2 хамаанда «ДЬУЛУУР», Настя Романова:
— Биһиги проекпыт сыала — нэһилиэкпит олохтоохторо иллэҥ кэмнэригэр астына дуоһуйа сынньанныннар «ЛЭКЭН» сынньалаҥ пааркатын тэрийии. Суолбут куһаҕан, онон саас ханна да айаннаабакка, бэйэбит дойдубутугар сынньаныахпыт этэ диэн сыалтан оҥордубут. Истээччилэр сөбүлээтилэр дии санаатыбыт. Проекпытын сайыннардахпытына, «ЛЭКЭН» паркабытыгар Саха сириттэн барытыттан кэлэн көрүөхтэрэ, сынньаныахтара.
3 хамаанда «ЭРЭЛ», Сайаана Захарова:
— Биһиги проекпыт — «Нэһилиэкпитигэр кафе тэрийии». Проекпыт сыала — саҥа үлэ миэстэтин таһаарыы, нэһилиэк олоҕун сэргэхситии. Дьон сэҥээрэ истибитэ, дьүүллүүр сүбэ ситэриигэ сүбэ-ама биэртэлээбиттэрэ. Бэйэбит санаабытыгар туох баарынан кэпсии сатаабыппыт, ол эрэн өссө үчүгэйдик кэпсиэхтээх этибит. Аныгыскыга күүстээхтик бэлэмнэнэн кыттыыны ылыахпыт диэн эрэллээхпит.
4 хамаанда «LA_KOMKA», Галя Федорова:
— Биһиги проекпыт — нэһилиэкпитигэр кондитерскай арыйыы. Нэһилиэк дьонун бурдук аһынан хааччыйар сыаллаах толкуйдаабыппыт. Дьүүллүүр сүбэ элбэх сүбэни биэрдэ, көмөлөстө.
5 хамаанда «ЭКЛАК», Линда Иванова:
— Проекпыт сыала-соруга дьону сынньатар, аралдьытар парк оҥоруу. Дьүүллүүр сүбэ проеккыт нэһилиэк олоҕор наадалаах диэбиттэрэ, өссө кыратык уларытан, ситэрэн биэрин диэбиттэрэ. Үчүгэйдик көмүскээтибит дии саныыбын.
6 хамаанда «СТС», Андрей Куприянов:
— Биһиги проекпыт «СТС — саха тылын сайдыыта» диэн оонньуу толкуйдааһын. Оҕолор уонна улахан дьон уу сахалыы тыллары билэллэрин гына. Дьүүллүүр сүбэ оонньуугутун темаларынан араарыаххытын наада диэбиттэрэ.
Бу маннык тэрээһин буолара оҕолорго наадалаах дии саныыбын. Билиҥҥэттэн маннык толкуйдаан проект оҥорорбут олохпутугар туһалаах буолуо.
Галя Федорова, VII кылаас, «Проба пера» эдэр кэрэспэдьиэнэ, Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас