Биһигини ийэбит соҕотоҕун иитэр. Аҕабыт 4 сыллааҕыта быраҕын барбыта. Оччолорго мин 11 саастааҕым. Туох хайдах буолбутун, арахсыы айдаанын барытын өйдүүбүн. Ийэбин аһыммытым аҕай…
Ол иннинэ наһаа да үчүгэйдик, эйэлээхтик олорбут эбиппит. Саамай үчүгэй төрөппүттэрдээх биһиги дии саныырым…
Оттон билигин олох атын хартыына: аҕабыт билсибэт, куота сылдьар. Сураҕа, куоракка олорор, ыал буолбут, оҕолордоох үһү. Ийэбит майгыта тосту уларыйда. Наар кыыһыра сылдьар, ньиэрбинэйдээн тахсар. Ааспыкка оскуола дискотекатыттан хойутаан кэлбиппэр, дэлби мөхпүтэ. «Папаҥ курдук күүлэйдьит, сэлээрчэх буолаары гынаҕын дуо?» — дии-дии хаһыытаабыта. Ол аҕам атын дьахтарга иирэн барбытыгар мин туох буруйдаахпыный? Тоҕо миигин үөҕэрий? Уопсайынан, кэнникинэн ийэбин кытта олох тапсыбат буолан эрэбин. Хайдах буолабын?
Сайыына.
Хоруйдуур психолог Ксения Саввинова:
— Төрөппүт арахсара олус ыарахан түгэн. «Мэлдьи биһигини көрө-харайа, биһиги туспутугар кыһалла сылдьыбыт аҕабыт биһиэхэ наадыйбат буолбут» диэн курус санаа эйигин үүйэ-хаайа тутар буолуохтаах.
Кыыс оҕо улаатар сааһыгар аҕатын сыһыана наһаа улахан оруоллаах, суолталаах. Ол иһин өскөтүн эн кинилиин кэпсэтиэххин, билсиэххин баҕарар буоллаххына, хайаан да көрүс. Аҕаҥ, баҕар, эмиэ эйигин көрсүөн баҕара сылдьара буолуо.
Ийэҥ уонна аҕаҥ сыһыаннарын эн быһаарар кыаҕыҥ, орооһор быраабыҥ суох. Арахсыбыт төрүөттэрин бэйэлэрэ эрэ билэллэр. Иһэ истээх буолуон сөп. Онно эн туох да буруйуҥ суох.
Ити арахсыы аһыыта, абата, аймалҕана, айдаана эйигиттэн да, ийэҕиттэн да, аҕаҕыттан да, бырааккыттан да билигин да ааһа илик эбит. Ону эн өйдүөхтээххин. Ол гынан баран, бириэмэ эмтиэҕэр эрэн.
Киһи атаҕастаабыт, таҥнарбыт киһитигэр санаатын толору этиммэтэҕинэ, хом санаалаах хааллаҕына, хомолтотун, хоргутуутун аһарынан биэрбэтэҕинэ, туох баар ол кыһыытын-абатын атын дьоҥҥо, чуолаан чугас дьонугар, таһаарар идэлээх. Ол иһин ийэҕэр билигин эн көмөҥ, тулууруҥ, өйөбүлүҥ наһаа наада.
Суруктан сылыктаатахха, ийэҕин кытта чугас, истиҥ, аһаҕас сыһыаныҥ суох курдук. Сыһыаҥҥытын уларытыаххытын, коммуникацияны саҥаттан олохтуоххутун наада. Онуоха сүрүн ирдэбил — бэйэ санаатын этэ үөрэнии уонна киһини сатаан истии. Холобур, аны мантан ыла дискотекаҕа барар буоллаххына, хаска кэлэргин чопчу этэн, сүбэлэһэн баран барар буол. Оччоҕо ити курдук кыыһырсыы тахсыа суоҕа этэ.
Эһиги салгыы ыал ыал курдук иллээхтик, түмсүүлээхтик, ньир бааччы олороргут бэйэҕититтэн эмиэ тутулуктаах. Онуоха эн, улахан киһи быһыытынан, утары хардыыны оҥоруохтааххын, балаһыанньаны бэйэҥ илиигэр ылыахтааххын, кытаанах санаалаах буолуохтааххын.
Дьылҕаҥ эйигин, эрдэ өйүн туттун, улааттын диэн, бу маннык олоҕу бэлэмнээбит диэххэ сөп. Ону эн сор курдук ылыммакка, үөрэх, муударай буоларга уруок курдук өйдүөх кэриҥнээххин.
Киһа ааспыт кэм хомолтотун аһардыбакка, ол хом санаатыгар хатанан хааллаҕына, кини билиҥҥи олох кэрэтин кыайан өйдөөн көрбөт, кыаҕын толору туһаммакка, сайдыбакка хаалар. Түмүгэр — кэскилин сарбынар. Ол иһин куһаҕаны умна сатаа, кимиэхэ да өстүйүмэ, кыһалҕаны дириҥэтимэ. Олоххо араас буолар, ону барытын ыарыылаахтык ылынар сыыһа. Холку, киэҥ көҕүстээх буол, наар үчүгэйи эрэ санаа, куһаҕантан да туһалааҕы булан көрөргө үөрэн.