Хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэнэ туллар тутааҕа, өйдөбүлэ, тирэҕэ буолар. Бүгүн биһиэхэ иллээх-эйэлээх Ньургустаана Николаевна уонна Файзудин Косимович Раджабовтар дьиэ кэргэннэрэ ыалдьыттыахпыт. Кинилэр интернациональнай дьиэ кэргэн буолаллар. Маннык дьиэ кэргэҥҥэ култуурунай сыаннастара, итэҕэллэрэ, национальнай куухунньалара барыта туспа уратылаах буолар.
-Үтүө күнүнэн, дьиэ кэргэҥҥит туһунан кэпсээн эрэ.
Биһиги ыал Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр олохсуйан, бииргэ
олорбуппут 18 сыла буолла. Мин ыал ийэтэ Ньургустаана Николаевна, аҕабыт Файзудин
Косимович Раджабовтар дьиэ кэргэн буолабыт. Мин булгахтер идэлээхпин, аҕабыт
бэйэтэ чааһынай тэрилтэлээх ИП.
-Дьиэ кэргэҥҥит хас сыллаахха тэриллибитэй?
Биһиги дьиэ кэргэн 2005 сыллаахха тэриллибитэ. Улахан уолбут Николай 27 саастаах,
оттон кыра уолбут Адам 13 саастаах. Кини Владимир Петрович Ларионов аатынан Майя
орто оскуолатын 6 «а» кылаас үөрэнээччитэ. Биһиги дьиэ кэргэн икки омук култууратын,
итэҕэлин, куухунньатын аһын, сиэрин-туомун тэҥҥэ тутан кэллибит.
-Дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык үгэстэри туһанаҕыт?
Биһиги дьиэ кэргэн икки омук булкуспут ыала буоларбыт быһыытынан сахалыы уонна
таджикскай үгэстэри тутуһабыт. Сахалыы алаадьы астаан аһатыы, сыт таһаарыы сиэри-
туомун тутаһабыт. Сыл аайы Хурбан Байрам бырааһынньыгын бэлиэтиибит.
-Бэйэ-бэйэни өйдөһүү төрүөтэ туохха сытарый?
Хардарыта көмөлөһүү, харыстааһын.
-Дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык бырааһынньыктары тэрийэҕитий?
Буоларын курдук, Сана дьыл, оҕолор төрөөбүт күннэрэ, Хурбан Байран
бырааһынньыктары көтүппэккэ бэлиэтиибит.
-Эһиги дьиэ кэргэҥҥит атын ыалтан туох ураты хаачыстыбалааҕый дии саныыгытый?
Биһиги дьиэ кэргэн атын дьиэ кэргэннэриттэн туох да улахан уратыбыт суох дии
саныыбыт. Арай аҕабыт бээтиниссэ аайы мэчиэккэ баран малыыппа ааҕар.
-Оҕо иитиитигэр туохха ордук болҕомто уураҕытый?
Оҕолорбутун чиэһинэй, аһыныгас уонна үтүө санаалаах буоларга үөрэтэбит. Ийэ киһи
бытыыһытанан оҕолорум үөрэхтээх, үчүгэй үлэһит дьон буолуохтарын баҕарабын.
-Дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык тылынан кэпсэтэҕит?
Дьиэ кэргэммит иһинэн нуучча тылынан кэпсэтэбит. Ол эрээри, оҕолорбут сахалыы
тылынан саҥараллар, билэллэр. Таджик тылын эмиэ өйдүүллэр.
— Дьиэ кэргэҥҥитинэн саамай ордук тугу гынаргытын сөбүлүүгүт?
Биһиги ыал муста түстэрбит эрэ бииргэ ас астыырбытын олус сөбүлүүбүт. Сахалыы,
нууччалыы, таджикскай бүлүүдэлэри сөбүлээн буһарабыт. Ол курдук, плов, шурпа,
самса,фатир(лэппиэскэ), бэрэски, салааттар, блинылары,бүрүөктэриуо.д.
Кэпсэтиигит иһин махтанабыт!
Ефремова Валя, В.П.Ларионов аатынан Майа орто
оскуолатын 11 «а» кылаас үөрэнээччитэ,
«Мэҥэбил» пресс-киин корреспондена.