Билигин уол оҕону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, олоххо бэлэмнээх буола иитэн таһаарыы улахан болҕомтоҕо турар. Бу манна Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интэринээт ыытар үлэтэ улахан суолталаах. Оскуола кэлэктиибэ дойду патриоттарын, олохторун байыаннай сулууспаҕа анаабыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, үтүө холобур буолар дьону ыҥыран үөрэнээччилэри кытары сэргэх тэрээһиннэри бириэмэтигэр оҥорор.
Ол курдук, бүгүн, муус устар 13 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интэринээт саалатыгар олоҕун чиэппэрин муора долгунун кытары сибээстээбит, 2 рангалаах капитан (подполковник) званиелаах, билиҥҥитэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Тихон Афанасьевич Матвеевы кытары көрсүһүү буолан ааста. Көрсүһүү Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын көҕүлээһининэн тэрилиннэ.
Тихон Афанасьевиһы кадеттар чиэс биэрэн көрүстүлэр. 72 хаарыгар үктэммит подводник байыаннай туттуута оһуобай! Көрсүһүү ыйытык-хоруй быһыытынан ааста. Оҕолор эрдэ бэлэмнээбит боппуруостарыгар Тихон Афанасьевич төһө кыалларынан толору эппиэттээтэ. Холобур, подводниктарга туох үгэс баарын туһунан ыйытыыга кини маннык диэн хоруйдаата:
«Аан бастаан 100 миэтэрэ аллараа уу иһигэр киирээһиҥҥэ, үөһэ тахсан баран, хайаан да туустаах ууну амтаһыйыахтаах тустааххын диэн моряктарга, мичманнарга, бары подводниктарга ити үгэс баар».
Тихон Афанасьевич Матвеев бэйэтэ Амма оройуонун Лээги нэһилиэгэр 1950 с. ыам ыйын 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Каракаан аҕа ууһуттан төрүттээх. 1958 с. Лээги начаалынай оскуолатыгар нулевой кылааска үөрэнэ киирбитэ уонна 1961 с. бүтэрбитэ. Салгыы Амма–Наахара аҕыс кылаастаах оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэммитэ. 1966 с. ахсыс кылааһы бүтэрэн Болугурга салгыы үөрэнэн 1968 с. орто оскуоланы бүтэрэн баран, сопхуос Лээгитээҕи учаастагар биригэдьиирдээбитэ. 1968 сыллаахха күһүн аармыйаҕа ыҥырыллан – Владивостокка (Приморскай кыраайга) сулууспалаабыта. Учебнай этэрээти Владивосток аттыгар арыыга (остров Русский) бүтэрэн командор (артиллерист) идэтин ылан 1970 сыллаахха диэри сулууспалаабыта. Сулууспалыы сылдьан спорт хас да көрүҥэр ситиһиилээхтик кыттан, бэйэтин эт-хаан өттүнэн кыахтааҕын көрдөрбүтэ. 1970 с. Чуумпу акыйааннааҕы С.О. Макаров аатынан Үрдүкү байыаннай училищеҕа киирбитэ уонна биэс сыл үөрэнэн 1975 сыллаахха лейтенант званиелаах инженер–электромеханик–минер подводник идэтин ылан Камчаткаҕа анаммыта. 1982 сылга диэри подводнай лодкаҕа сулууспалаабыта. Сулууспатын бастакы сылларыгар торпеднай бөлөх хамандыырынан үлэлээбитэ. Онтон БЧ–3 хамандыырынан, хамандыыр көмөлөһөөччүтүнэн, ыстаарсай көмөлөһөөччүтүнэн анаммыта. 1982 cылга биэрэктээҕи сулууспаҕа көһөн араас чаастары хамаандалаабыта. 2 рангалаах капитан (подполковник) званиелаах 1992 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран байыаннай хараабыллары уонна суудуналары өрөмүөннүүр собуот генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Тихон Афанасьевич иллээх ыал аҕа баһылыга. Кэргэнэ Матвеева (Иванова) Дарья Афанасьевналыын Камчатка кыраайын Петропавловскай куоратыгар, кыыстара Лена Лос-Анджелеска, сиэннэрэ Вова Москваҕа олороллор. Ыал ийэтэ, эрэллээх доҕоро Дарья Афанасьевна идэтинэн медсестра, кадеттары кытары көрсүһүүгэ олоҕун арыгыһын кытары тэҥҥэ сырытта.
Ыалдьыты кытары кэпсэтии кэнниттэн, аны кадеттар бэйэлэрин кыахтарын, сатабылларын көрдөрдүлэр. Ол курдук, ударнай инструменнар ансаамбылын кыттыылаахтара (салайааччы Анна Яковлева), 7-а кылаас иитиллээччилэрин «Альфа» бөлөҕө (салайааччы подполковник Арсен Федоров) бэйэлэрин нүөмэрдэринэн көрсүһүүнү киэргэттилэр.
Эҕэрдэ тылы Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүннүүр эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова, СӨ «Юнармия» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо байыаннай-патриотическай хамсааһынын эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Александр Кузьмин эттилэр. Маны таһынан сорох оскуолалар Интэриниэт платформа нөҥүө быһа сибээскэ холбоннулар.
Тихон Афанасьевич биир дойдулаахтарын Амма оҕолорун — кадеттары Антон Пахомовы (11 кыл.), Саша Федоровы (7 кыл.) көрсөн үөрдэ, ситиһиилэри баҕарда.
Тихон Афанасьевич төрөөбүт сахатын тылын умнубат. Кини уу сахалыы саҥарарын истэ олорон, төрөөбүт сахабыт тыла барахсан ураты күүһүн, салгын курдук наадалааҕын өссө төгүл итэҕэйэҕин. 50-тэн тахса сыл атын эйгэҕэ, саха суох сирдэринэн сылдьыбыт киһи төрөөбүт тылын бары дэгэтин, ньыматын, дорҕоонун имигэстик туттара олус да үчүгэй, кэрэтик да иһиллэр.
Тихон Афанасьевич этэрин курдук, киһиэхэ дойду, ийэтин кэриэтэ, биир, онон хас биирдии киһи, оҕо төрөөбүт дойдутун харыстыах, таптыах, кининэн киэн туттуох тустаах.
Көрсүһүү, буоларын курдук, санаа атастаһыылаах, хаартыскаҕа түһүүлээх ааста.
keskil14.ru