Хас биирдии киһи тус олоҕор, улаатан, үлэһит киһи буолан үүнэн-сайдан тахсарыгар учуутал оруола улахан. Онтон Егор Афанасьевич Борисов учууталлара кимнээҕий? Кинилэр туох билиини-көрүүнү, олох үөрэҕин биэрбиттэрий?
Егор Афанасьевич оҕо сылдьан олус мэник эбит. Ол эрээри үөрэҕэр үчүгэй этэ. Ол туһунан кини «Кэскил» эдэр кэрэспэдьиэннэрин кытары көрсүһүүгэ кэпсээтэ.
— Мин оскуола боруогун атыллаабытым 63 сыл буолла. 63 сыл анараа өттүгэр, Юрий Алексеевич Гагарин космоска көппүт сылыгар, 1961 сыллаахха мин 1 кылааска киирбитим. Биһиги көлүөнэ саҕана информацияны учууталлартан эрэ ылаҕын. Төрөппүттэриҥ үлэҕэ-хамнаска, оҕолор уонна улахан дьон икки ардыларын сыһыаннаһыы боппуруостарыгар үөрэтэллэр. Онтон оскуолаҕа тиийэн, туох баар билиини-көрүүнү онно ылаҕын. Билиҥҥи оҕолор курдук интернетынан дуу, социальнай ситимнэринэн дуу киирэн ылбат этибит. Холобур, билигин 1 кылааска киирэр оҕолор арааһынай үчүгэй, куҺаҕан информацияны интернеттэн ылаллар. Онтон биһиги оччолорго туох баар информацияны, билиини-көрүүнү учууталтан эрэ ылабыт. Буукубаны, ахсааны үөрэтэр, ону таһынан оҕо хайдах быһыылаах, майгылаах буолуохтааҕын, диссипилиинэтин, бэрээдэгин, тутта-хапта сылдьарын барытын учуутал биэрэр. Ол иһин Учуутал оруола диэн оччолорго да улахан этэ, билигин өссө улахан.
Мин оскуоланы бүтэрэн, үлэһит киһи буолан бараммын, өр сыллар ааспыттарын кэннэ бу олоҕу сыаналыыр түгэннэрбэр, бастатан туран Учууталбар аныыбын.
Мин бастакы учууталым Матрена Петровна Эверстова диэн эдэр учуутал этэ. Олус сымнаҕас майгылаах учуутал этэ. Мин оҕо эрдэхпинэ сүрдээх мэник этим. Ону ол мэник оҕону тутан, билиигэ тардан, оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитим. Оскуолаҕа үөрэнии өйдөбүлэ диэн миэхэ элбэх билиини биэрии диэн. Оскуола диэн тутта-хапта сылдьарга үөрэтэр. Ити чааһыгар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын, элбэҕи билбитим-көрбүтүм. Ол иһин сыаналыыбын.
Бэйэм 8 оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Улахан оҕо этим. Үлэҕэ сылдьыбыт да буолларбын, үөрэҕи, оскуоланы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитим. Бүтэрэр сылбар кылааспыт салайааччытынан, учууталбытынан улахан общественнай, политическэй деятель, народнай суруйааччы Василий Семенович Яковлев-Далан буолбута. Киһи быһыытынан, учуутал быһыытынан оҕолорго уратытык сыҺыаннаспытын, биһиги кылаас оҕолоро бары өйдүүбүт. Инньэ гынан оскуолаҕа табыллан үөрэммиппит. Учууталларбытыгар олус диэн табыллыбыппыт.
Мин кылааһым оҕолоро, 63 сыл анараа өттүгэр бастакы кылааска киирэн баран, күн бүгүҥҥүгэ диэри кылааспыт оҕолорун кытта сылга саамай кырата 2-3 көрсөбүт. Оннук кылаас иитиллэн тахсыбыта. Биһиги кылаас сүрдээх эйэлээхпит.
Көрсүһүү олус үчүгэйдик ааста. «Кэскиллэргэ» махтанабын бу курдук умнуллубат улахан уонна убаастанар киһини кытары көрсүһүү бэлэхтээбиккитигэр.
Лаура Слепцова, Өспөх орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ,
Уус Алдан улууһа.
keskil14.ru