Олоҥхо Декадатын чэрчитинэн С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт араас тэрээһиннэри ыыта турар. Ол курдук «Олоҥхо көмөтүнэн оҕону сиэрдээх-майгыга үөрэтии-иитии» кууруска барыта 34 учуутал Мэҥэ-Хаҥалас, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Амма, Уус Алдан, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Абый, Үөһээ Дьааҥы, Нам, Мирнэй, Чурапчы, Уус-Маайа, Хаҥалас, Орто-Халыма улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан куйаар ситиминэн үөрэнэ сылдьаллар.
Кууруска Е.П.Чехордуна, п.н.к., «Сэдип» технология ааптара, У.М.Флегонтова, Научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Н.И.Филиппова, ф.н.к. учуобунньук, босуобуйа ааптара, олоҥхо педагогикатыгар үгүс үлэлээх, олоҥхо тылыгар араас эрчиллиилэрдээх куурус истээччилэригэр олоҥхо туһунан лиэксийэлэрин иһитиннэрдилэр. Куурус ис хоһоонун Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт ыстаарсай учуутала Ядрихинская Ф.В иилээн-саҕалаан салайан илдьэ сылдьар.
Олоҥхону үөрэтиигэ араас ньымаларын быраактык учууталлар А.И.Аржакова (Дьокуускай куорат, Сэргэлээх оскуолата), Л.С.Сивцева (Чурапчы улууһа, Сылан орто оскуолата), С.И.Васильева (Кэбээйи улууһа, Куокуй орто оскуолата), Липатова С.А (Дьокуускай куорат, Айыы Кыһата) тус уопуттарын кэпсээтилэр. Учууталлар куйаар ситиминэн ыытыллар араас сонун ньымалар уонна олоҥхо суолтатын туһунан араас кэпсэтиһиилэргэ кытта тураллар.
Ону таһынан кууруска Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн “Олоҥхо оскуолатын үлэтин» туһунан А. М. Мойтохонова, Үөһээ Бүлүүтээҕи Н,И.Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын уонна Н. Н. Тарагаева, Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолатын учууталлара кыттыахтара.
Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт, научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинэ, Дьокуускай куораттааҕы “Айыы кыһата” национальнай гимназията буолан бииргэ 7-10 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах Олоҥхо олимпиадата ыытылла турарын бэлиэтиибит. Олимпиада сорудаҕа түөрт түһүмэхтээх: «Олоҥхо ис хоһооно», “Олоҥхо уран тыла”, «Олоҥхо – үтүө санаа өрөгөйө», «Олоҥхо тылдьыта». Олимпиада сүрүн уратыта Google Forms сигэтинэн киирэн сорудахтары толорон ыытыы буолар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 100 оҕо сорудахтарын толорон ыытта. Уопсай түмүк Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт саайтыгар ахсынньы саҥатыгар тахсыаҕа.
Онтон «Учуутал уонна уһуйааччы» өрөспүүбүлүкэтээҕи дистанционнай научнай-методическай сэминээр ахсынньы ый иккитигэр буолара былааннанар.
Үнүстүтүүт уопсастыбаны кытта сибээһин салаата.