Олоҥхо – олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит саха уус-уран айымньыта. Олонхоһуттар араас айымнылары холбоон уһун олонхолору айаллара. «Өбүгэ быстыспат ситимэ: уруйдаах Олоҥхо, дьүрүһүйэр Хомус» Олоҥхо декадатын чэрчитинэн бүгүн сэтинньи 26 күнүгэр «Олоҥхону дорҕоонноохтук ааҕабыт» диэн 5-8 кылаастар икки ардыларыгар олоҥхону хоһоонноохтук ааҕыы күрэҕэ буолла.
Уопсайа 15 оҕо күрэхтэстэ. Олоҥхону аахпыттарын кэннэ олоҥхоһуттар хамаандаларга араҕыстылар уонна Ньургун Боотур хартыынатын хомуйдулар.
Туоһу сурук ыллылар: Артемий Саввин 6 «б», Нарияна Холмогорова 6 «б», Айсен Долгунов 5 «б», Настя Бандерова 5 «б», Вася Шарин 8 «а», Олег Афанасьев 8 «а», Наташа Антонова 7 «б», Петя Лукачевский 7 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ.
Кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр:
5-6 кылаастар:
3 уктэл — Стас Ноговицын 5 «а», Амелия Аргунова 5 «а»
2 уктэл — Лиана Аргунова 6 «а»,
1 уктэл — Тимур Митрофанов 6 «а»
7-8 кылаастар:
3 уктэл — Ян Соломонов 8 «б»
3 уктэл — Аня Ноговицына 7 «а»
2 уктэл — Вика Трофимова 8 «б»
1 уктэл — Сайаана Игнатьева 7 «б».
Бары кыттааччылары, кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Күрэҕи тэрийбит саха тылын уонна литэратуратын учууталларыгар Виктория Дмитриевнаҕа, Наталья Иннокентьеваҕа уонна Венера Николаевнаҕа махтанабыт!
Дарина Андросова, Снежана Яковлева,
Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын
8 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ