Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн Олоҥхо декадата биллэрилиннэ. Барыта холбоон 60-тан тахса тэрээһин ыытыллара былааннанар. Сорохторо аан бастакытын ыытыллаллара бэлиэтэнэр.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн М.К.Аммосов аатынан ХИФУ научнай-чинчийэр үнүстүтүүтэ «Олоҥхону ааҕабыт, истэбит уонна үөрэтэбит» диэн ааттаах саҥа мобильнай сыһыарыыны сүрэхтиэҕэ. Быйыл үнүстүтүүт Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларын харыстааһыҥҥа уонна үөрэтиигэ пуондатыттан сүүйбүт гранынан олоҥхону үөрэтиигэ уонна харыстыырга, киэҥ араҥаҕа тарҕатарга туһуламмыт мобильнай сыһыарыыны оҥорон таһаарда. Сыһыарыыга сүрүннээн аудио кинигэ, тылбаасчыт, олоҥхо толоруута киирбиттэр. Саҥа мобильнай сыһыарыы оҕолорго, олоҥхону үөрэтэр, кэрэхсиир дьоҥҥо аналлаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо эмиэ туһааннаах буолуоҕа.
«Олоҥхону ааҕабыт, истэбит уонна үөрэтэбит» мобильнай сыһыарыы ахсынньы 4 күнүгэр ХИФУ «Точка кипения» былаһааккатыгар сүрэхтэниэҕэ.
Маны таһынан Олоҥхо декадатын чэрчитинэн былааҥҥа испиктээкиллэр, куонкурустар, быыстапкалар, төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара. Тэрээһиннэргэ ирдэбил быһыытынан QR-кодунан киллэриэхтэрэ.