Ыһыахтыыр алааска Түгэхтэйгэ киирэргэ Аар аарканан, икки өттүгэр тоҕуоруспут сэргэлэринэн асфальт суолунан хааман киирэн истэххинэ олохтоохтор дэйбиирдээх, саламалаах ыалдьыттары уруйдаан көрүстүлэр.
Түгэхтэй алааһын биир саамай кэрэ көстүүтэ — Аал Луук мас «көҕөрөн», «силигилээн» турара сүргэҕин көтөҕөр. Дьон-аймах кэлэ-бара хаартыскаҕа түстүлэр.
Аны хаҥас диэки 21 нэһилиэк балаҕана кэккэлээн, кэлбит ыалдьыттары,олохтоохтору ыҥыра-угуйа турара көстөр. Суол уҥа өттүгэр атыы-кутуу дэлэччи тардыллыбыт. Түгэхтэй түһүлгэтигэр,биир тэҥ хорчуоппа дьиэлэрэ ас-үөл сытынан дыргыйдылар.
Түһүлгэ тулатыгар араас улуустан кэлбит тарбаҕар талааннаахтар быыстапкалара тэлгэммит. Киһи бөҕө тоҕуоруһан сөҕүү-махтайыы буоллулар.
Икки улахан туос ураһаҕа уонна көмүлүөк оһохтоох балаҕан иһигэр улахан дьон, эдэр ыччат, оҕолор олоҥхолоотулар.
Аһаҕас халлааҥҥа оҥоһуллубут сыаналарга чабырҕасчыттар чаҕаардылар, хомусчуттар оонньоотулар.
Киэҥ дэлэгэй балаҕаннарга сахалыы остуол оонньуулара, хабылык, хаамыска күрэҕэ тэлгэннэ. Түгэхтэй хабайар хаба ортотугар хас да күннээх оһуохай дьиэрэйдэ.
Дьон олорор трибунатын таһыгар мас тардыһыыта, батыйа сытыыта бэрибиэркэлэннэ. «Дьөһөгөй» түһүлгэҕэ тыҥааһыннаах ат сүүрдүүлэрэ буоллулар.
Айна Тарасова,
«Тымтык» корпсот,
Ороһу