Биһиги Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыраах сытар Чыамайыкы нэһилиэгиттэн сарсыарда 8 аҥаар чаастан айаннааммыт, Аммаҕа 2 чааска кэлбиппит.
Амма дьоно-сэргэтэ границаҕа алгыстаах алаадьынан уонна минньигэс кымыһынан көрсүбүттэрэ. Эмис нэһилиэгэр «Үрүйэчээн», «Далбар» ансаамбыллар, кырдьаҕастар, эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ көрсүүүнү тэрийбиттэрэ. Амма улууһуттан төрүттээх, уус тыллаах олоҥхоһут, саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт алааһыгар Саппыйаҕа сырыппыппыт. Манна кини үөскээбит балаҕанын, ампаарын сарайын уһаайбатын, «Үрүмэччи маҥан атын» пааматынньыгын көрбүппүт.
А. Черемных аатынан Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар түспүппүт. Олоҥхо ыһыаҕар сырдатыыга үлэлии сылдьан биллэр-көстөр дьону көрсүбүппүттэн олус үөрдүбүт. Мinslaaу блогеры, Саха КВН кыттыылааҕын Евгения Текеянова кытта көрсөн, хаартыскаҕа түспүппүт. Үс күннээх Олоҥхо ыһыаҕар бэркэ сырыттыбыт, саха култуурата баайын илэ харахпынан көрдүм, элбэҕи биллим. Аммаҕа бастакыбын үктэммит буоламмын астынным аҕай.
Ыарырҕаппытым диэн элбэх сырдатыы үлэтин түргэнник оҥоруу. Хата барытын син бириэмэтигэр туттарбыппыт. Тэрийээччилэр сүрдээх улахан үлэни ыыппыттар эбит дии санаатым. Маннык бастакы улахан ыһыаҕым буолар.
Алена Прокопьева, IX кылаас, С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата