Олоҥхо ыһыаҕа диэн биир күннээх көрдөрүнньүк тэрээһин буолбатах. Бу ыһыахха тэрийэр улуус сылы быһа олохтоохтук бэлэмнэнэр, дьонун-сэргэтин олоҥхону кытта алтыһыннарар, билиһиннэрэр, уһуйар үлэни ыытар. Ол курдук, Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ үөрэнээччилэригэр олоҥхону ситимнээхтик үөрэтэн эрэрэ хайҕаллаах. Оннооҕор кыра кылаастара кытта бу улуу айымньы суолтатын, ис хоһоонун билэр, тылын-өһүн өйдүүр, дьаныһан туран ааҕар, сэҥээрэр, олоҥхолуур буоллулар.
Олоҥхо туһунан санааларым
Олоҥхо – саха норуотун уус-уран айымньытын үрдүкү чыпчаала. Бухатыырдар геройдуу охсуһууларын, үс дойду иччилэрин кэпсиир айымньы. Манна биһиги өбүгэлэрбит олохторо, үгэстэрэ сурулла сылдьар.
ЮНЕСКО биллэрбитинэн, саха олоҥхото киһи аймах уһулуччулаах айымньытын ахсааныгар киирэр.
Норуоппут олоҕун, киэҥ историятын билэргэ биһиги, үүнэр көлүөнэ, олоҥхолору ааҕан, үөрэтэн, толорон холонуохтаахпыт. Мин ийэм сүбэтинэн Константин Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун аахтым. Константин Оросин туһунан биллим. Кини Боотурускай улууһун I Игидэй нэһилиэгин олоҥхоһута. Бу олоҥхотун 1895 сыллаахха сурукка киллэрбиттэр. Олоҥхо кылгатыллан оҕолорго кэпсээн быһыытынан бэчээттэммит.
Бу олоҥхоҕо мин ордук сөбүлээн «Ньургун Боотур балтын быыһааһына» диэн кэпсээним аахтым. Икки төбөлөөх моҕойу мииммит Тимир Ыйыста Хара бухатыыр Ньургун Боотур балтын олордон баран көтө турар. Ону билэн, Ньургун Боотур атынан Уот Байҕал үрдүгэр икки бастаах моҕойу ситэ баттаан ылар. Ньургун Боотур балтын Айталы Куону моҕойтон ньылбы тардан ылан, бэйэтин атыгар мииннэрэн кэбиһэр.
Ити быһа тардыыга Ньургун Боотур күүһэ, хорсун санаата ойууланар. Ньургун Боотур Тимир Ыйыста Хара бухатыыры кытта геройдуу охсуһар. Кинини Константин Оросин Дьураа Хара аттаах, сахаҕа сүдү күүстээх-уохтаах, мындыр өйдөөх бухатыыр диэн ойуулуур.
Мин санаабар, бу олоҥхоҕо саха норуота сырдыкка тардыһыыта, үтүө майгы, үчүгэй куһаҕаны кыайыыта ойууланар.
Ушницкай Илья,
III кылаас.
Олоҥхо — дьикти айымньы
Биһиги олоҥхону ааҕабыт, театрга, телевизорга көрөбүт. Онтон былыр дьон сатаан аахпат, суруйбат этэ. Ол иһин олоҥхо дьонтон дьоҥҥо кэпсэнэн тарҕаммыт. Олоҥхо наһаа былыргы айымньы, онтон киһи урукку олоҕу, историяныб илэр.
Мин быйыл бастакыбын олоҥхну аахтым. Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр суруйбут «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» диэн олоҥхотун. Күн Күндүлү бухатыыр күүстээх-уохтаах, абааһыттан куттаммат хорсун киһи. Кини оҕонньордоох эмээхсин көрдөһүүлэрин толоро, Сандаара Куону быыһыы барар.
Олоҥхо саамай дьиктитэ – кини суруллубут тыла. Манна былыргы тыллар наһаа элбэхтэр. Холобур, ардайа, хаппахчы, тордохтоох, тиһиликтээх аан, саҕынньах. Ону таһынан, барыта уус-уранныкойуулаансуруллубут. Орто дойдуну маннык ойууланар: “Ойон тахсар күннээх, ойоҕолоон киирэр ыйдаах, уолан баранар мастаах орто дойду олохсуйбут эбит”. Абааһы бухатыырын: “Сэттэ илии кирдээх сирэйин килбэҥнэттэ, хайа хайдыбыт курдук хаспахтаах хараҕын хатаан, сыыр быстыбытын курдук сырайын туһаайан, сатала суоҕунан тоҕо бара турдаҕа” диэн.
Мин олоҥхону айааччы наһаа элбэҕи билэр, киэҥ фантазиялаах, баай тыллаах уонна улахан өйдөөх киһи эбит дии санаатым.
Кобяков Петя, III кылаас
Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ.