Билиҥҥи аныгы кэмҥэ ханнык баҕарар тэрээһин аайы волонтердар үлэлиир буоллулар. Биһиги ыччаппыт көхтөөҕүн, маассабай тэрээһиҥҥэ кыттыаҕын, эппиэтинэс ылыан сөптөөҕүн көрдөрөр. Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар 2 күн устата 70 волонтер үлэлээтэ.
Кинилэртэн биирдэстэрэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназияны бүтэрбит Вова Тарасов кэпсиир: «Бу тэрээһиҥҥэ волонтер буолаары добро.ру саайтка регистрация ааспыппыт. Ону таһынан, бөһүөлэкпит иһинэн «Сомоҕо» диэн волонтерскай хамсааһыннаахпыт. Улахан аҥардарбыт мантан киирэн кыттыы ыла сылдьабыт. Уонна Дьокуускай араас үөрэх кыһаларыттан устудьуоннар, улуустартан ыччат бааллар. Ыраах хоту улуустан кыыс баарын билэбин. Биһиги тэрээһин туһугар ис сүрэхтэн ыалдьабыт. Салгыы өссө да волонтер быһыытынан үлэлиир санаалаахпын.»
Волонтердар дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаахтар, ис сүрэхтэн көмөлөһөллөр, быһаараллар, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Кинилэргэ махтал!
Эльдар САДОВНИКОВ