Амма сэлиэнньэтигэр Муона Чараҥа алааска Олоҥхо ыһыаҕын көрсө оҕо түһүлгэтигэр оҕо аймах тоҕуоруста. Манна оҕолорго аналлаах сынньанар, оонньуур сир тэриллибит.
Оҕо түһүлгэтин арыллыытыгар Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаев кэлэн ыалдьыттаата. Биһиги, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Айсен Сергеевиһы көрүстүбүт. Олоҥхо оҕону туохха үөрэтэрий диэн ыйытыыгар маннык хоруйдаата:
— Биһиги олоҥхобут диэн саха омук дьиҥэ баара түҥ былыргыттан аҕалбыт эпоспыт. Бу олоҥхо иһигэр биһиги эпоспыт, норуот иһигэр баар философиябыт, биһиги олоххо, айылҕаҕа сыһыаммыт, аан дойду хайдах үөскээбитэй, хайдах улааппытай, хайдах дьон баар буолбутай, ол биһиги олоҥхобутугар баар. Былыр-былыргаттан Орто Дойду, кырдьык уонна сымыйа, куһаҕан уонна үчүгэй диэн мөккүөргэ биһиги Олоҥхобутугар үчүгэй өттө наар кыайар. Ол иһин оҕо үчүгэй кыайарын билэн, бэйэтин тылын, култууратын үчүгэйгэ үөрэтэр кыахтаах.
Маны тэҥэ түһүлгэҕэ Амма нэһилиэгин уһуйааннарын быыстапкалара тэриллибит. Манна олоҥхо, остуоруйа оҥоһуктарын, сахалыы аһы-үөлү көрүөххэ сөп.
Александра Егоровна оҕолор хайдах олоҥхону интириэһиргииллэрин, олоҥхону сайыннаралларын туhунан кылгастык кэпсээтэ. Кинилэр хас сыл аайы быыстапкаларын уларыта сылдьаллар эбит. Бу сылга олоҥхо ыhыаҕар барсар диэн «Күөх боллух» диэн оҕо тыыга устан иһэрин оҥорон көрдөрбүттэр.
Валерия Романова, Алена Прокопьева, IX кылаас, С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата
Гаврил Прокопьев, VIII кылаас, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас