Оҕону төһөнөн эрдэ остуол оонньууларыгар уһуйаҕын да, соччонон кини толкуйдуур, сымса туттуулаах, булугас өйдөөх буола улаатар диэн этэллэр.
Ол курдук хабылык, хаамыска, тырыыҥка өбүгэбит саҕаттан, урукку кэмнэртэн сүппэккэ тиийэн кэлэн билигин оҕо-аймах сөбүлээн дьарыктанар оонньуута буолла. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар бу үгэс эмиэ кэһиллибэккэ, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан оҕо аймаҕы түмтэ.
Мария Егоровна Волкова, «Тускул» оҕо киинин педагога, тэрийээччи:
− Биһиги, «Тускул» оҕо киинин педагогтара, оҕолорго национальнай остуол оонньуутун ыыта турабыт. Ол курдук бу иэрэгэй уонна хабылык-хаамыска аһаҕас оонньуулара буола тураллар. Хайа баҕар кыттыан баҕалаах оҕо кэлэн суруйтаран оонньуон сөп.
Иэрэгэйи үксүн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор оонньоотулар, оҕо уһуйааннарыгар иэрэгэй оонньуутун үөрэтиитэ киирбит буолан сатыыллар эбит диэн бэлиэтии көрдүм. Оттон хабылык-хаамыска оонньуутун оскуола оҕолоро олус сатыыллар эбит, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан миэстэлэрдээхпит диэн кэпсииллэр.
Камила Харлампьева, 7 саастаах:
- Остуол оонньуулларынан саҥа дьарыгыран саҕалаатым. Үчүгэйдик оонньоотум дии саныыбын, икки оҕону кытары иэрэгэйгэ кииристим уонна иккитэ кыайыыны ситистим.
Никита Семенов, 7 кылаас:
- Сэттэ сааспыттан эбэлээх эһэбин кытары хабылыкка-хаамыскаҕа оонньуу үөрэммитим. Мин санаабар, кыра оҕолор саҥа саҕалаан эрэр буоланнар соччо сатаабаттар.
Валентина Яковлева, XI кылааһы бүтэрбит:
- Сэттис кылаастан хабылык-хаамыска куруһуогар сылдьан саҕалаабытым. Улуус уонна өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр кыттан, инники үс миэстэлэргэ тиксэн, ситиһиилэрим син элбэхтэр. Билигин мөлтөхтүк оонньоотум дии санаатым. Тоҕо диэтэр хабылык оҥоһуута, хаачыстыбата суох эбит, илиибэр сыста сылдьар.
Оҕолор үөрэн-көтөн, долгуйан олус көхтөөхтүк уонна интэриэһинэйдик киирсэллэр эбит. Кинилэргэ улахан ситиһиилэри баҕара хаалыаҕыҥ.
Афанасьева Уруйдаана,
«Эрчим» корпост.