Саха сиригэр хайа да улууска ЧАП уустарын курдук элбэх уус уһаммыт, кинилэр курдук улахан таһаарыылаахтык үлэлээбит сирэ суох быһыылаах. Номоххо кэпсэнэринэн Кэнтик нэһилиэгэр ЧАП алаастарыгар биир бириэмэҕэ түөрт уон түөрт уус кыһаҕа уһанара этэ диэн ахтан кэпсииллэрэ кураанах тыл буолбатах. Бэс ыйын 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ буола турар Олоҥхо ыһыаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев өбүгэлэрин Ытык сиригэр Кэнтиккэ кэлэн, уустары кытта тимири таптайда: “Саха төрүт үгэһин илдьэ сылдьар саха уустара кырдьык даҕаны тимири ыллатар ураты талааннаах дьон. Кинилэр сатабылларынан, мындыр өйдөрүнэн сахалар үгэстэрэ симэлийэн, сүтэн хаалбат. Бука бары тимир уустарыгар махтал тылларын тиэрдэбин!».
ЧАП уустарын сыдьаана биэс саастаах Сивцев Потап Ил Дархан кэлэрин истэн хаартыскаҕа туһэн санаатын ситистэ. Кини ЧАП уустара тимири уһааралларын туһунан дакылааты ситиһиилээхтик кэпсээн видеоролик күрэҕэр кыайыылааҕынан буолбута.
Айсен Будищев,
Кэнтик орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ.